Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Эһигини ыам ыйын 1 күнүнэн – Саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Саас кэлиитин, айылҕа тыллыытын, олоххо тардыһыыны кытта ситимнээх сааскы сырдык бырааһынньык – Россия бары норуоттарын доҕордоһуутун уонна сомоҕолоһуутун бэлиэтэ. Саҥа толкуй, өй-санаа үөскүүр, баҕа санааны, былааннары олоххо киллэрэр кэм тиийэн кэлэр.
Быйыл ыам ыйын 1 күнүн ураты өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсөбүт – куораттар уонна сэлиэнньэлэр олохтоохторо кэнники икки сыл аан бастаан бырааһынньыктыы киэркэйбит кэккэнэн сэлэлээн хаамыахтара.
Бүгүн кэнники икки ый устатыгар аан дойду, ону тэҥэ биһиги дойдубут уонна өрөспүүбүлүкэбит олоҕо тосту уларыйбытын бэлиэтии көрөбүт, өйдүүбүт. Маннык быһыыга-майгыга биһиги күүспүтүн түмүөхтээхпит, кытаанах санаалаах уонна киэҥ көҕүстээх буолуох тустаахпыт. Оччоҕуна эрэ көрсөр ыарахаттары туоратыахпыт, Ийэ дойдубутун модун кыахтаах, сайдыылаах оҥоруохпут.
Саха сирин олохтоохторо туруу үлэһиттэринэн, туохха барытыгар эппиэттээх сыһыаннарынан уонна тулуурдарынан уратылаахтар. Биһиги хотугу кыраайбыт тус дьоҕурдарын таба тайаммыт, ону сайыннарбыт, үлэлэригэр көдьүүһү уонна хаачыстыбаны өрө тутар, бастыҥтан бастыҥ түмүгү ситиһэргэ дьулуһар, бэйэлэрин дьыалаларын толору баһылаабыт үлэһит дьонунан аатырар. Уопсастыба чэчирии сайдарыгар, уйгута үксүүрүгэр, оҕону уонна ыччаты иитиигэ, кыраҕа-кыаммакка көмөнү оҥорууга тус кылаатын күннэтэ киллэрэр, олохпут тупсарыгар сыралаах үлэлэрин анаабыт дьоммутугар бу күн истиҥ махталбыт туһуланар!
Биһиги иннибитигэр дьарыктаах буолуу таһымын уонна гражданнар дохуоттарын оннунан хаалларар, предприятиелар тиһигэ быстыбат үлэлэрин хааччыйар, дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүүр, экономика уонна социальнай эйгэ бигэтик сайдар усулуобуйаларын тэрийии дьоһун соруга турар. Биһиги дууһабытын ууран туран салгыы айымньылаахтык үлэлиэхпит, олорор дьиэлэри уонна суоллары, оскуолалары уонна оҕо уһуйааннарын, култуура дьиэлэрин уонна спорт объектарын тутуохпут. Толору олоҕунан олоруохпут!
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым! Эһиэхэ барыгытыгар сылааһы- сырдыгы, кынаттаах санаалары, үтүө доруобуйаны, эдэрдии эрчими, эйэни уонна дьолу-соргуну баҕарабын!
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
This post was published on 01.05.2022 10:23 10:23