Дьокуускайга сүрэх-тымыр киинэ арылынна. Аан дойду стандартарыгар эппиэттиир эбийиэк. Билигин региоҥҥа онкологическай киин уонна инфекционнай балыыһа тутуллар. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА.
Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйдээх дьаһалларын чэрчитинэн киин куоракка аан дойду таһымыгар эппиэттиир сүрэх-тымыр киинэ үлэҕэ киирдэ.
«Киин арыллыыта хас да сыллаах соруктаах үлэ түмүгэ. Салгыы сорукпут — онкология киинин тутуутун бүтэрэн, үлэҕэ киллэрии. Кистэл буолбатах, онкологиялаах ыарыһах ахсаана эбиллэ турар. Эбийиэк үчүгэй таһымҥа тутулларыгар эрэллээхпин, тоҕо диэтэххэ кардиокиин үрдүк стандартары туруорда. Салгыы инфекционнай балыыһаны тутуохпут. Анал балыыһа, хомойуох иһин, региоҥҥа суох. Ковид уопута көрдөрбүтүнэн, маннык балыыһа баара олох ирдэбилэ буолар», — диэтэ Айсен Николаев.
Регион науканы кытта көхтөөхтүк үлэлиэхтээх. Наука ситиһиилэригэр олоҕурбут медицина тэриллиэхтээх, ол иһигэр геннай медицина. Бу соруктары Ил Дархан Саха сиригэр доруобуйа 10 сылын иитинэн туруорбута.
Хаартыска: Андрей Сорокин
This post was published on 30.04.2022 14:33 14:33