Судаарыстыбаннай былаас 2019 сыллааҕы үлэтин Ил Түмэҥҥэ отчуотун кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев Арктика оройуоннарын сайдыытын боппуруоһугар болҕомтотун хатаата. Кини бэлиэтээбитинэн, ааспыт сылга бу хайысхаҕа регионнааҕы уонна федеральнайдааҕы тосхоллор бииргэ тутуллан үлэлээбиттэр.
«Сүрүн сорукпут — Арктиканы саҥа тыыннааһын, дьон олороругар кэрэхсэбили төнүннэрии, тирэхтээх экономиканы тэрийии. Владимир Путин быһаарыытынан, билигин Саха сирин 13 арктическай улууһугар судаарыстыбаннай өйөбүл уонна преференция толору көрүллэр. Өрөспүүбүлүкэ арктическай зонатын уопсай иэнэ 1 600 тыһ. кв. килэмиэтир – бу регион уонна Россия Арктикатын кураанах чааһын аҥарын кэриэтэ», — диэтэ Айсен Николаев.
2019 сылга түргэн быһаарыылар ылыллыбыттара — чуолаан, хоту сир олохтоохторо хас да нолуоктан босхоломмуттара. Арктика улуустарыгар тутуу, ОДьКХ эбийиэктэрэ саҥардыллыбыттара, оскуолалар, дьыссааттар тутуллубуттара. Айсен Николаев эппитинэн, Өлөөҥҥө «Илкит» этнокультурнай киин, Үрүҥ Хайаҕа «Долган» хотугу норуоттар култуураларын дыбарыаһа тутуллан үлэлэрин саҕалаабыттара чахчы Арктика олохтоохторун сүргэлэрин көтөхпүтэ. Ааспыт сылга Сааскылаахха бастакы аныгылыы атыы-логистика киинэ арыллыбыта.
«Бу барыта олохтоохтору көҕүлүүр күүс, инникигэ эрэли саҕар. 2019 сылга демография көрдөрүүтэ тубуста. 2018 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, төрөөһүн эбилиннэ, өлүү аҕыйаата. Көһөн барыы икки төгүл кыччаата. Бу ситиһиилэр саҕалааһыннар, мантан сиэттэрэн Арктика сайдыытыгар олук ууруллар», — диэтэ Ил Дархан.
This post was published on 27.05.2020 16:18 16:18