Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн СӨ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Диодорова-Лаврентьеваны кытта көрүстэ.
Светлана Диодорова-Лаврентьева байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорууга туох-ханнык үлэлэр ыытыллалларын тустарынан иһитиннэрдэ. Айсен Николаев кэмитиэт бары ыытар үлэтин өйүүрүн туһунан эттэ.
«Саха сирэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр сокуоннас, социальнай өттүнэн бары көмөнү тиһигин быспакка оҥорор. Ол курдук, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ үлэнэн хааччыллалларыгар, үөрэх кыһаларыгар бэйэлэрэ уонна оҕолоро киирэн үөрэнэллэригэр, о.да. а. өйөбүллэр оҥоһуллалларыгар улахан болҕомто ууруллар», – диэн Айсен Николаев эттэ.
Ил Дархан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» диэн судаарыстыбаннай пуонда эрэгийиэннээҕи филиалын аһыы болдьоҕун кэмигэр оҥоһуллубутун туһунан эттэ. Билигин манна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эрэ буолбакка, кинилэр дьиэ кэргэннэрэ араас хабааннаах көмөнөн туһаналлар.
СӨ Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Диодорова-Лаврентьева этии быһыытынан байыаннай сулууспалаахтар олохторун уонна доруобуйаларын страховкалааһыҥҥа тустаах сокуоҥҥа сөптөөх уларытыылары киллэрэргэ эттэ. «Ааспыт сыл бүтүүтэ РФ Судаарыстыбаннай Дуумата байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн сулууспалааччыларга судаарыстыбаннай булгуччулаах страховкалааһыны киллэрбитэ. Ол эрээри, ол мэхэньиисимэ оҥоһулла илик. Баҕа өттүнэн барааччылар хантараагынан уонна мобилизованнайдары кытта тэҥэ суох усулуобуйалаах буолбуттара. Онон «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа генеральнай Сэбиэтин сэкиритээрэ Андрей Турчак салайааччылаах байыаннай дьайыыга сулууспалааччылар боппуруостарынан дьарыктанар оробуочай бөлөх аадырыһыгар баҕа өттүнэн барааччылары страховкалааһыҥҥа бэйэбит кэккэ этиилэрбитин ыыппыппыт. Биһиги көҕүлээһиммит сокуон бырайыагар киирбитэ уонна федеральнай тустаах структуралар көрүүлэригэр сылдьар», – диэн Светлана Диодорова-Лаврентьева иһитиннэрдэ.
This post was published on 07.07.2023 10:33 10:33