Ил Дархан Айсен Николаев олорор сиринэн быыбардыыр учаастакка куоластаата — Дьокуускай куорат №33-дээх оскуолатыгар.
«Президент быыбара – дойду сүрүн быыбара буолар. Россия дьылҕатын хас да сылларга быһаарар. Хайаан да куоластыахтаахпыт, билиҥҥи баар бэлиитикэҕэ санаабытын көрдөрүөхтээхпит. Куоластыахтаахпыт сайдыылаах күүстээх Өрөспүүбүлүкэбитигэр уонна улуу дойдуга Российскай Федерацияҕа», — диэтэ Саха сирин баһылыга.