Айсен Николаев: «Россия премьер-миниистирэ регионнар сайдыыларын туспа тутан кэпсээтэ»

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ил Дархан Айсен Николаев РФ бырабыыталыстыбата Госдумааҕа отчуотун тула санаатын эттэ.

«Михаил Владимирович тастан тыҥааһыннаах дьайыылар буола турдахтарына, биһиги дойдубут сайда турарын эттэ. ВВП сылга 3,6% улаатта — бу сайдыылаах дойдулар орто көрдөрүүлэриттэн икки төгүл улахан. Бу элбэҕи этэр. Премьер-миниистир элбэх болҕомтону регионнар сайдыыларыгар, нэһилиэнньэни өйүүр социальнай миэрэлэргэ уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар. Дойдуга доруобуйа харыстабыла, үөрэх, куорат уонна тыа сирин территорияларын биир кэлим сайыннарыы өйөбүл салҕанан барар. Бюджет эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһа эбиллэр», — суруйда телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев.

Сиһилии https://ysia.ru/ajsen-nikolaev-otdelnoe-vnimanie-premer-ministr-rosiii-udelil-razvitiyu-regionov/

This post was published on 04.04.2024 16:03 16:03