Саха сиригэр «Дьоҕус уонна орто предпринимательство уонна предпринимателлэр көҕүлээһиннэрин өйүүр» национальнай бырайыак үлэтэ салҕанар. Ил Дархан Айсен Николаев регион бырабыыталыстыбатын кытта кыһалҕалаах боппуруостары дьүүллэстилэр.
Санатар эбит буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ тустаах нацбырайыакка киирэр биэс бырайыак барыта үлэлиир: «Акселерация субъектов малого и среднего предпринимательства», «Популяризация предпринимательства», «Расширение доступа субъектов малого и среднего предпринимательства к финансовым ресурсам, в том числе к льготному финансированию», «Улучшение условий введения предпринимательской деятельности», «Создание системы поддержки фермеров и развитие сельской кооперации».
Саха сирин вице-премьерын э.т. Михаил Никифоров иһитиннэрбитинэн, бырайыагы олоххо киллэриигэ барыта 500,9 мөл солк көрүллүбүт, ол иһигэр 418,7 мөл солк – федеральнай бюджеттан, 82,2 мөл солк – өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан. Бүгүҥҥү күҥҥэ 297,1 мөл солк туһаҕа турбут. 12 көрдөрүүттэн иккитэ олоххо киирбит. 1072 предприниматель дьоҕус иэс ылбыт. 4402 бэйэ дьарыктаах гражданнарга көмө оҥоһуллубут.
Мунньахха Ил Дархан «Создание системы поддержки фермеров и развитие сельской кооперации», ол эбэтэр – «Агростартап» гран куонкуруһугар болҕомтотун хатаата. Ааспыт сылтан ыытыллар дьаһал буолар. Айсен Николаев этэринэн, тыа сиригэр дьон үлэлиэн баҕалаах эрээри, куонкуруһу кыайан ааспат. «Бу наадалаах саҕалааһын. Саҥа бырайыак буоларынан, дьон элбэх ыйытыылаах. Тыа хаһаайыситыбатын управлениелара уонна тустаах кииннэр күүстээх көмөнү оҥоруохтаахтар. Методическай көмө оҥоһуллуохтаах, инструкциялар бэриллиэхтээхтэр, өйдөнөрдүк, боростуойдук. Бу хайысхаҕа үлэлэһиҥ», – диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 03.09.2020 17:37 17:37