Федеральнай таһымҥа этнологическай эспэртиисэни ыытар туһунан сокуону ылыныахха уонна “О недрах” сокуоҥҥа уларытыылары киллэриэххэ наада диэн Айсен Николаев Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум иһинэн ыытыллыбыт «Форум креативного бизнеса: социокультурное развитие северных регионов» мунньаҕар туруоруста.
“О недрах” сокуоҥҥа бырамыысыланнай тэрилтэлэр эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар булгуччу кыттыһалларын модьуйар уларытыы баар буолуохтаах диэн кини санаатын үллэһиннэ.
Ил Дархан Саха сиригэр этнологическай эспэртиисэ туһунан соҕотох эрэгийиэннээҕи сокуон көдьүүстээх уопутун туһунан кэпсээтэ. Бу сокуон үлэлиэҕиттэн, 47 бырамыысыланнай бырайыак аҕыйах ахсааннаах омуктар общиналарыгар көмөлөспүт, компенсация төлөммүт. Бырамыысыланнай хампаанньалары кытары 34 сөбүлэһии түһэрсиллибит, 5 сыл иһигэр 37 миллиард солкуобай кэриҥэ үп өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көрүллүбүт.
— Биир сүрүн бырайыагынан “Арктика оҕолоро” буолар. Манна көс оскуолалар хааччыллыылара, хоту дойду оҕолорун сынньалаҥнара, чэбдигириилэрэ, учууталлары өйөөһүн, цифровой сайдыы, о.д.а. киирэллэр. Федеральнай таһымҥа туспа бырагыраама баар буоларын, бырайыагы олоххо киллэрэргэ кэлим сыһыан баар буоларын туруорсабыт, — диэн кини эбэн эттэ.
Ону тэҥэ, Айсен Николаев Арктика 40 норуотун тылларын, нэһилиэстибэтин сайыннарар мультикултуурунай интэриниэт-портал арыллыахтааҕын туһунан кэпсээтэ.
Ааптар: Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 06.09.2022 13:27 13:27