Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев оробуочай сырыытын чэрчитинэн Нерюнгритааҕы ГЭС 2-с уочаратын тутуутун көрдө-иһиттэ. Тутуу хаамыытын туһунан «УК ГидроОГК» АУо «Нерюнгринскай» филиалын директора Андрей Носов уонна Нерюнгритааҕы ГРЭС директора Борис Краснопеев кэпсээтилэр.
Санатар буоллахха, Нерюнгритааҕы ГРЭС-и өссө кэҥэтэн 225 Мвт кыамталаах икки энергоблогу тутар туһунан быһаарыныы икки сыллааҕыта ылыллыбыта. Бу энергоблоктар үлэлээн бардахтарына бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ өссө улахан кыаҕы биэриэ, ону таһынан «РЖД» ААУо Илиҥҥи полигонун сайыннарыыга улахан кыамталаах подстанциялары уонна оройуону күүстээх уотунан хааччыйыа.
Билиҥҥи туругунан, инженернэй чинчийиилэр бүтэннэр, тутуу барар сирин-уотун уонна бырайыактыыр докумуоннарын кэмпилиэктэрэ оҥоһуллан Главгосэкспертизаҕа бэрэбиэркэҕэ ыытыллыбыттар. Ону таһынан сүрүн оборудованиены – турбоагрегаттары уонна котлоагрегаттары ылыыга куонкурус барыахтаах.
Эбийиэк тутуллуутун хаамыытын билсэн баран Айсен Николаев бырамыысыланнас уонна геология миниистиригэр бу тутуллар саҥа эбийиэги каадырынан хааччыйарга анаан анал мунньаҕы тэрийэн ыытары сорудахтаата. Ол курдук, бу эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ 300-тэн тахса саҥа үлэ миэстэтэ тахсыа диэн былаанныыллар.
Ааптар: Сайаана Львова, Саха сирэ
This post was published on 10.11.2022 16:03 16:03