Айсен Николаев национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиир

Бэчээт уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр ытыктабыллаах үлэһиттэрэ! Күндү бэтэрээннэр! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибин!


Өрөспүүбүлүкэбитигэр бырааһынньыгы от ыйын 1 күнүгэр аан бастаан бэлиэтиибит. Бу күн 1907 сыллаахха “Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай хаһыат күн сирин көрбүтэ. Сахалыы хаһыат тахсарыгар оччотооҕу кэм интеллигенциятын лидерэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кинини кытта биир санаалаахтар Всеволод Ионов, Михаил Сабунаев, Николай Афанасьев, Афанасий Уваровскай, Петр Кушнарев уонна да атыттар өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлээбиттэрэ. Ол курдук кинилэр көҕүлээһиннэринэн уонна быһаччы кыттыыларынан саха тылынан типография шрибэ оҥоһуллубута, сөптөөх тэрил атыылаһыллыбыта. Онон кэнники “Саха олоҕо”, “Саха саҥата” хаһыаттар тахсалларыгар суол аһыллыбыта.

Бу хаһыаттарга саха литературатын классиктара Алексей Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй, Анемподист Софронов – Алампа уонна да атын суруйааччылар бастакы айымньылара бэчээттэммиттэрэ. Инньэ гынан национальнай пресса үөскээһинэ саха литературнай тыла, үөрэҕэ уонна хотугу кыраай култуурата сайдарыгар акылаат уурбута.

Бүгүн бу бырааһынньык бэчээт дьыалатыгар сыһыаннаах информационнай уопсастыбаны сайыннарыыга кылааттарын киллэрэр бөрүө уонна бэчээт кыһатын үлэһиттэрин, полиграфистары барыларын түмэр. Бу үтүө күн эһиэхэ сырдатар үлэҕит, гражданскай уопсастыба бөҕөргүүрүгэр көхтөөх быһаччы кыттыыгыт иһин махталбын тиэрдэрбин көҥүллээҥ. Бэчээт бэтэрээннэригэр таһаарыылаах үлэлэрин, өрөспүүбүлүкэҕэ суруналыыстыка, бэчээт дьыалата сүһүөхтэригэр турууларыгар дьоһун кылааттарын иһин махталбын тиэрдэбин.

Сыыппара сайдыбыт үйэтигэр саҥа тургутуулар эһиги үлэҕитигэр-хамнаскытыгар сыһыаны, олохсуйбут үөрүйэхтэри хос көрүүнү эрэйэллэр. Эһиги дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үгүс өрүттээх олоҕун туһунан аныгы киэбинэн тиэрдэр эрэ буолбакка, төрөөбүт тыллар ураты кэрэлэрин чөл хаалларар, тыл култууратын сайыннарар аналлааххыт.

Эһиэхэ Саха сирин элбэх омуктаах бэчээтин нэһилиэстибэтин үксэтиигэ, өйү-санааны кынаттыыр саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ айар умсулҕаны, чэгиэн туругу, дьолу-соргуну уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев

This post was published on 01.07.2020 10:35 10:35