Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Айсен Николаев муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын кытта көрүстэ. Ил Дархан кыайыыларынан эҕэрдэлээтэ, этиилэрин иһиттэ уонна социальнай-экономическай сайдыы сыалын-соругун иһитиннэрдэ, НВК Саха телеграм-ханаала суруйар.
Биир кэлим куоластааһын түмүгүнэн, Өлүөхүмэ улууһун баһылыга – Николай Харбин, Аллайыаха – Яков Елисеев, Жатай куорат уокуругар – Евгения Исаева. Аллараа Халыма саҥа талыллыбыт баһылыгынан Ярослав Бандеров буолла. Онтон Өймөкөөн улууһугар Александр Оконешников.
Көрсүһүү кэмигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө, дойду бэрэсидьиэнэ көҕүлэээбит национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыгын стратегическай ыйааҕын туһунан кэпсэттилэр.
This post was published on 24.09.2024 12:35 12:35