Коронавирус дьаҥыгар ким баҕарар ханна баҕарар, хаһан баҕарар сыстыан сөп. Онон эн билигин уулуссаҕа тахсарыҥ «чараас мууһунан хаампыт» кэриэтэ сэрэхтээх. Бэйэҕэр эрэ буолбакка чугас дьонуҥ, аймахтарыҥ олохторугар кутталы үөскэтэҕин. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев муус устар 30 күнүнээҕи телеханааллар нөҥүө нэһилиэнньэҕэ ыҥырыытыгар эттэ. Маны долоҕойго тутан, «самоизоляция» эрэһиимин тутуһары модьуйда. СИА суруйар.
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторугар туһаайан этиилэрэ:
* Саха сиригэр коронавирус дьаҥа тарҕаныытын балаһыанньата тыҥааһыннаах. Бастатан туран, Дьокуускай куоракка, ити эрээри бу ыарыы баара биллибит атын улуустары эмиэ таарыйар. Президеммит Владимир Путин муҥутуур бэлэм эрэһиимин ыам ыйын 11 күнүгэр диэри уһатта. Бу күннэр биһиэхэ быһаарыылаах буолуохтара. Эбэтэр баар балаһыанньаны тутабыт, эбэтэр Маай бырааһынньыктарыгар холкутуйан, инфекция тарҕаныытын тэтимирдэбит.
* Хомойуох иһин, дьаҥ тарҕаныытын бохсор күннэтэ ыытыллар ыҥырыылар, хаарчахтааһыннар, ыстырааптар дьон уулуссаҕа тахсыытын тохтоппоттор. Доҕоттор, эһиги дьаҥ бүрүүкүүр кутталын ситэ сыаналаабаккыт. Эһиги дьон олоҕор кутталы үөскэтэҕит. Чугас-аймах дьоҥҥутугар, ыалгытыгар, доҕотторгутугар. Күн аайы балаһыанньа ыараан иһэр. Өскөтүн эрдэ сууккаҕа биир киһи ыалдыбыта биллэр эбит буоллаҕына, билигин уонунан ааҕыллар буолла.
* Үс киһи олоҕун сыстыганнаах дьаҥ илдьэ барда. Бу дьон дьарҕа буолбут ыарыылаахтара, ити эрээри бу инфекция эбии буолбатаҕа буоллар, өссө да уһуннук олоруохтаахтара… Мин билэбин, коронавирус биһиэхэ сыстыбат дии саныыгыт. Уһун кыһынтан сылайдыгыт. Санааҕытыгар, бэрт кылгас кэмҥэ маҕаһыыҥҥа тахсан киирбит, аймахтарга бара сылдьыбыт улахан буолбатах. Оҕолоргутун таһырдьа оонньото ыытаҕыт. Ити эрээри, хас сырыы аайы уулуссаҕа тахсаргытыгар эһиги чараас мууһунан хаамар кэриэтэ кутталга сылдьаҕыт.
* 70%-тан тахса коронавирус инфекциятын илдьэ сылдьааччылар ыалдьыбыттара биллибэт, оттон тест бэһис-алтыс күҥҥэ эрэ биллэрэр. Онон баҕар эһиги бэйэҕит инфекцияны илдьэ сылдьар буолуоххутун сөп. Ааҕан көрүҥ, бүтэһик биэс күҥҥэ төһө элбэх киһини кытта алтыспыккытын. Эһиги бэйэҕитин бырастыы гынарга бэлэмҥит дуо, өскөтүн ол дьонтон ким эрэ организма инфекцияны кытта сатаан охсуспатаҕына?! Бу кэннэ санааҥ көрүҥ, дьиэттэн тахсар төһө наадалааҕый?
* Ардыгар биир ыалдьыбыт киһи алтыһыыта сүүс киһиэхэ тиийэр. Куорат устунан ыччат эрэ буолбакка биэнсийэлээхтэр кытта хаамсаллар. Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр элбэхтии киһилээх бөлөхтөр айылҕаҕа сасылыыктыы тахсыбыттара. Эһиэхэ туох күндүнүй? Сасылыык дуу, доруобай олох дуу?
* Элбэх киһи парааттар, сааскы булт, оскуоланы бүтэрээччилэр бырааһынньыктарын туһунан ыйталаһар. Ыам ыйыгар биир да элбэх киһини түмэр тэрээһиннэр ыытыллыбаттар. Өскөтүн ыам ыйыгар дьон холкутук уулуссаларга тахсар буоллаҕына, балаһыанньа тупсара биллибэт. Дьиэҕитигэр олоруҥ, өскөтүн сааскы бүтэһик ыйы обсерваторга эбэтэр балыыһаҕа атаарыаххытын баҕарбат буоллаххытына. Өскөтүн уулуссаҕа тахсарга күһэллибит буоллаххытына мааска эрэһиимин тутуһуҥ. Мааскалар атыыга таҕыстылар, тиктиэххэ да сөп. Самоизоляция эрэһиимэ — соҕотох быһаарыы, оччоҕуна эрэ ыарыы тарҕаныытын тохтотобут.