Ил Дархан Айсен Николаев Кытай Харбин куоратыгар Хэйлунцзян провинциятын Коммунистическай баартыйатын кэмитиэтин сэкирэтээрин Сюй Цини уонна Хэйлунцзян провинция губернатора Лян Хуэйлины кытта көрүстэ, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.
«Көрсүһүү кэмигэр регионнар сайдыыларыгар туһуламмыт бырайыактары көрдүбүт. Бу сибээс дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Кытай бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин ылбыт бэлиитикэлэрин өйүүргэ төһүү күүс буолар. Бииргэ үлэлэһэргэ тустаах усулуобуйаны тэрийиигэ биһиги лиидэрдэбитин тута өйүүбүт», — диэн Ил Дархан эттэ.