Саха сиригэр коронавирус тарҕаныыта баарын үрдүнэн, олоҕу-дьаһаҕы тутуу үлэтэ тохтообот, суол уонна эбийиэктэр тутуллаллар. Ол туһунан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ парламеныгар сыллааҕы отчуотун кэмигэр эттэ, СИА суруйар.
«Бу күннэргэ тыа сирин олохтоохторо сааскы ыһыыга таҕыстылар, былырыыҥҥы иэннээҕэр уон бырыһыан элбэх сири хабар былааннаахтар. Атын эйгэҕэ, төһө да коронавируһунан сибээстээн кытаанах миэрэлэр ылыллыбыттарын үрдүнэн, үлэ тохтообот», — диэтэ Айсен Николаев.
Олоҕу-дьаһаҕы тутан олорор тэрилтэлэр бары үлэлииллэрин, социальнай эбиийэктэр тутуулара тохтообокко турарын бэлиэтээтэ.
«Онкологическай уонна кардиологическай кииннэр график быһыытынан тутуллаллар. Оскуолалар, дьыссааттар, култуура уонна спорт эбийиэктэрин тутуу тохтообот. Быйыл былаан быһыытынан уопсайа 500 тыһ кв м дьиэ үлэҕэ киириэхтээх, ол иһигэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү национальнай бырайыак чэрчитинэн. Суолу тутуу, өрөмүөнээһин үлэтэ салҕанан барар, тыһыынча аҥара килэмиэтир — былааҥҥа турар», — диэтэ Ил Дархан.
This post was published on 27.05.2020 18:01 18:01