Бу хамыыһыйаҕа “Транснефть”, “Росатом” курдук улахан хампаанньалар киирэллэр. Ону таһынан. туһааннаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара бааллар. Мунньахха ньиэп эйгэтигэр нолуокка уларытыылары киллэрии, таас чоҕу хостооһун, туһаҕа таһаарыы боппуруостарын дьүүллэһиэхтээхтэр.
Бу маннык хабааннаах мунньах үс сыллааҕыта, 2015 сыллаахха буолбута. Мунньахха бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннарыы, гаас эйгэтин, нолуок киириитин боппуруостара көрүллүбүттэрэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru