Ил Дархан бэҕэһээ, атырдьах ыйын 6 күнүгэр Кэбээйигэ сырыытын кэмигэр улууска өрөспүүбүлүкэ наадатыгар саппаас оту хаһааныахха сөбүн туһунан боппуруоһу көтөхтө. Айсен Николаев Кэбээйи улууһа маныаха бары өттүнэн табыгастааҕын ыйда.
Сылын аайы айылҕа моһуоктарыттан эмсэҕэлээбит улуустарга сүүһүнэн туонна от наада буолар. Кэбээйи улууһа өрөспүүбүлүкэ туһугар өрүү эбии от бэлэмниир. Быйыл 1850 туонна оту атын улуустарга анаан бэлэмниэхтээх. Ол иһин Кэбээйигэ өрөспүүбүлүкэ наадатыгар саппаас оту хаһаанарга кыах баарын туһунан Айсен Николаев эттэ.
Маны таһынан Ил Дархан «Ворошилов» крестьянскай хаһаайыстыбатыгар сырытта. Салайааччы Аксиния Левина хаһаайыстыба 571 ынах-сүөһү төбөлөөҕүн, онтон 210 ыанньыгын кэпсээтэ. Сылга ортотунан 1358 киилэ үүт ыанар. Билигин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иитинэн 120 миэстэлээх саҥа хотон тутулла сылдьар. Былырыын тэрилтэ сайылыктары сайыннаары бырагырааматынан 3,5 мөл харчыны оборудование саҥардыытыгар диэн ылта.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/v-kobyajskom-uluse-mozhet-poyavitsya-tsentr-dlya-zagotovki-rezervnogo-sena/