Нерюнгри оройуонун Иенгрэ сэлиэнньэтин олохтооҕо, удьуор табаһыт Ольга Семенова 80 сааһын томточчу туолла. Ольга Гавриловнаны үбүлүөйүнэн чиэстээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла.
Иенгрэ этническэй киинигэр буолбут тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев ытык кырдьаҕаһы өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтинэн истиҥник эҕэрдэлээтэ. Итиэннэ бэлиэ түгэнинэн өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда.
«Иенгра сэлиэнньэтигэр Хоту сир төрүт олохтоохторун үгэстэрин харыстааһыҥҥа үгүс үлэ ыытыллар. Ол эрээри бу үтүө үгэстэри үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр дьон суох буоллахтарына, судаарыстыба ханнык баҕарар көмөтө туһата суох буолуоҕа. Ольга Гавриловна олоҕун бүттүүнүн тыа хаһаайыстыбатын төрүт салаатын сайыннарыыга анаата. Кини – биһиги өрөспүүбүлүкэбит киэн туттуута», — диэн эҕэрдэ тылыгар Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Ольга Гавриловна 1940 сыллаахха Чульмаҥҥа күн сирин көрбүтэ. Тоҕус саастааҕар тулаайах хаалан, кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстыбыта. Оҕо саадыгар ньээҥкэлээбитэ уонна Золотинка (билиҥҥи Иенгрэ) бастакы дьиэлэрин тутууга үлэлэспитэ. 1955 сыллаахха удьуор табаһыттар уолларыгар кэргэн тахсан, 8 оҕону төрөппүтэ. 6 оҕото эмиэ төрөппүттэрин курдук табаһыт, чуум үлэһитэ буолбута. Икки кыыһа учуутал. Төһө да ытык сааһыгар сырыттар, бэтэрээн күн бүгүҥҥэ диэри таба биригээдэтигэр сылдьар, 46 табалаах. Кини эбэҥки Нюрмаган аҕа ууһун бэрэстэбиитэлин быһыытынан бэйэтин үгэстэрин 24 сиэнигэр уонна 17 хос сиэнигэр иҥэрэр. “Ийэ албан аатын ” уордьанын иккис уонна үһүс истиэпэнинэн наҕараадаламмыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
This post was published on 22.01.2020 18:57 18:57