Айсен Николаев: Хааччахтааһын миэрэлэрин сымнатыы ыам ыйын 12 күнүгэр ылыллыаҕа

Дьаҥынан ылыллыбыт хааччахтааһын миэрэлэрин сымнатыы өрөспүүбүлүкэҕэ баар балаһыанньаттан тутулуктаах буолуоҕа. Ол туһунан Айсен Николаев «Регионы о главном. Коронавирус» медиабырйыакка  Дарья Кислицыналын кэпсэтиигэ эттэ диэн СИА суруйар.


«Саха сирэ, дойду саамай улахан субъегын быһыытынан, атыттары кытта үүт-үкчү быһаарыыны ылар кыаҕа суох. Биһиги Арктикабытын бөдөҥ промышленнай оройуоттары кытта тэҥниир сатаммат», — диэтэ Айсен Николаев.

Кини бэлиэтээбитинэн, миэрэ ылылларыгар өрөспүүбүлүкэ хас да быһаарыылаах чааска араарыллыбыта.

«Арктика уонна суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннары айылҕа бэйэтэ харыстыыр. Иккис — тыа сирэ уонна куорат тииптээх бөһүөлэктэр. Төһө да Дьокуускайы кытта сибээстээхтэрин, суол-иис баарын үрдүнэн «автономнайдык» дьаһаналлар. Үһүс бөлөх — куораттар: Дьокуускай, Миринэй, Нерюнгри уонна да атын промышленнай территориялар, кинилэргэ самоизоляция эрэһиимэ киллэриллибитэ. Төрдүс — харантыыннаахтар», — Ил Дархан эттэ.

Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, миэстэтинэн көрөн хааччахтыыр миэрэлэри сымнатыы аа-дьуо киирэн иһиэҕэ.

«Хотугу улуустарга, маассабай түмсүүлэртэн ураты хааччахтааһыны устуохха сөп. Атын боппуроус — оройуоттар икки ардыларынааҕы кэлиини-барыыны тохтотуу. Бу хаалар. Куораттарга ыарыы эбиллэ турарынан миэрэлэр оннунан хаалаллара ордук. Дьокуускайга элбэх киһи ыалдьар, онон манна миэрэлэри тутуһабыт. Мииринэйгэ уонна Нерюнгрига балаһыанньа тус-туспа. Суһал штабтар хааччахтааһыны устуу эрдэ диэн этэллэр. Ыам ыйын 12 күнүгэр быһаарыы ылыллыаҕа», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

This post was published on 08.05.2020 10:01 10:01