Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» НКИХ ханаалынан “Якутия, вперед” анал биэриитигэр киэһэ 20 чаастан ааспыт ыйга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туох үлэ ыытыллыбытын туһунан иһитиннэрдэ.
Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыттан арҕаа дойдулар араас хабааннаах экэнэмиичэскэй сааҥсыйалара Саха сирин экэниэмикэтигэр дьайыыны оҥорбута чуолкай. Холобур, бородуукта, табаар сыаналара үрдээбитэ. СӨ Бырабыыталыстыбата чуолаан ханнык миэрэлэри ылбытын туһунан Айсен Николаев саас-сааһынан быһааран биэрдэ.
«Арҕаа дойдулар Арассыыйаны утары сааҥсыйалара бородууксуйаны тиэрдии логистикатыгар мэһэйи үөскэттэ. Балары туоратыыга сөптөөх дьаһаллар ылылла тураллар. Итинтэн сылтаан бородуукта сыаната биллэрдик үрдээтэ. Биһиги сөптөөх миэрэни тута ылыммыппыт. Бастакы уочаратынан сыана аһара үрдээбэтин ситиһэр инниттэн атыынан-кутуунан дьарыктанар урбаанньыттарга, кууһунан атыылааччыларга чэпчэтиилээх кирэдьиити көрбүппүт. Билигин ити миэрэ көдьүүстээҕин көрдөрөн эрэр. Кууһунан атыылыыр тэрилтэлэр туруоруллубут сыалы-соругу ситистилэр. Ол курдук, үс ыйга тиийэр биирдиилээн атыылыырга аналлаах бородуукта саппааһа мунньулунна. Ону тэҥэ, түөрт ыйга кууһунан атыылыырга тиийэр бородуукта саппааһа баар буолла. Итиннэ эбии тустаах таһаҕас атыыга кэлэ турар. Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ 1400 богуоҥҥа бородуукта, табаар кэлэрэ күүтүллэр. Күн аайы 150-170 богуон сүөкэниллэр. Тустаах үлэ тохтоло суох барар. Ылыныллыбыт былаан толоруллан иһэр. Онон өссө төгүл этиэҕи баҕарыллар, бородуукта, табаар дэписсиитэ тахсыа суоҕа. Бу үлэ салгыы барыаҕа.
Билигин, төһө кыалларынан, олохтоох аһы-үөлү элбэтиигэ сөптөөх үлэ ыытылларыгар болҕомто уурдубут. Маны күүһүрдэргэ аналлаах сорудахтары биэртэлээтим. Тыа сиригэр баар кэтэх хаһаайыстыбалары өйүүргэ туһуламмыт ыанар ынах аайы 35-тии тыһ солк. көрүллэрин таһынан, соҕотуопкаһыттарга үүттэрин киилэтин 20 солк. кырата суохха туттарыахтара. Ити үбэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия быһыытынан толуйуллуоҕа. Маннык өйөбүл киирдэҕинэ, инники өттүгэр үүт ас бородууксуйата элбииригэр тиэрдиэҕэ», — диэн Айсен Сергеевич тыа сирин дьонугар аналлаах бэртээхэй сонуну иһитиннэрдэ.
Айсен Николаев соторутааҕыта Москваҕа федеральнай министиэристибэлэргэ оробуочай үлэтинэн сылдьыбыта. Хотугу сиргэ таһаҕаһы тиэйиигэ болҕомто хаһааҥҥытааҕар күүскэ ууруллуоҕа. Федеральнай таһымнаах министиэристибэлэр уонна улахан хампаанньалар салайааччыларын кытта Айсен Сергеевич көрсөн, чуолаан Саха сирин экэниэмикэтэ өссө сайдарын туһугар кэккэ кэпсэтиилэри ыыппытын туһунан кэпсээтэ. «Төһө даҕаны ыарахаттар, уустуктар баалларын үрдүнэн биһигии биир сиргэ олорон хаалыа суохтаахпыт. Ону ситиһэргэ Арассыыйа тутаах министиэристибэлэриттэн өйөбүлү ылары ситистибит. РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунковтуун көрсөн, хоту таһаҕаһы тиэйиигэ сөптөөх өйөбүл баар буолуохтааҕын туһунан кэпсэттибит. Ити боппуруоһу быһаарыыга ханнык мэхэньиисимнэр баалларын билиһиннэрдибит. Ону тэҥэ, территориялары урутаан сайыннарыы бырайыактарын салгыы күүскэ үлэлэтэр туһунан быһаарыстыбыт. Бу өттүгэр толору өйөбүл баар буолуоҕа», — диэн быһаарда.
Ааптар: Александр Тарасов, edersaas.ru
This post was published on 05.04.2022 11:01 11:01