Атырдьах ыйын 2 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар хамсык боппуруостарыгар сүбэ мунньаҕы ыытта. Кэнники нэдиэлэлэргэ бу оройуоҥҥа коронавирус тарҕаныыта күүһүрдэ. Айсен Николаев оскуола субу аһыллаары турдаҕына, онуоха эбии уоппускаттан төннүү үгэнигэр сөптөөх миэрэлэри ыларга дьаһайда. Хамсыгы тохтотор соҕотох суолунан быһыыны ылыы буолар. Ити үлэни түргэтэтэр сорук турар. Онуоха наадалаах эмп-томп, анаалыһы тутар лаборатория барыта баар. Мииринэйгэ хаарчахтааһын кэмигэр анал миэрэлэри тутуспатах түгэн элбэх. Итиэннэ дьон тумуу дии санаан, ыалдьан баран бырааска хойутаан көрдөрүммүттэрин түгэнигэр вирус тарҕаныыта элбээбит диэн быһаарылынна.
Атырдьах ыйын 3 күнэ. Саха сирин арҕаа өттүгэр уот туруута үгүс буолан балаһыанньа уустук. Айсен Сергеевич суһал сүбэ мунньахха Сүлдьүкээр таһыгар турбут ойуур баһаарын кэмигэр умуруора охсубакка, мүччү туттубут Мииринэй оройуонун ыстаабын сэмэлээтэ. Билигин ити уот Светлай бөһүөлэгин диэки баран, онно баар ГЭС эргин кутталлаах быһыыны-майгыны үөскэттэ.
Ити уот өссө бэс ыйын 22 күнүгэр турбут. Баһаары утары олохтоохтору сэргэ Бурятияттан, Читаттан уонна дойду суһал быһыыга-майгыга министиэристибэтин специалистар үлэлии сылдьаллар. Бүгүн дьоҥҥо куттал суоһаабат, илин өттүттэн утары уот ыытаннар баһаары тохтоттулар.
Сай ортото ааспыта быданнаата да, быйылгы дьылга ардах суох. Кураан, тыал улахан уоту күөртүүрүн дьон-сэргэ бэйэтэ көрөн итэҕэйдэ. Өрөспүүбүлүкэбит сэлиэнньэлэрин буруо тунуйар. Ил Дархан оройуон саллалтатыгар Мииринэйгэ уулуссалары уунан ыстарарга, медиктэр биригээдэлэрэ буруоҕа бэргээбит ыарыһахтарга суһал көмөнү оҥорорго бэлэм буолалларыгар, тэрилтэлэргэ үлэ чааһын кылгатыыны кэпсэтэргэ, уоту утары үлэ туругун дьоҥҥо хайдах баарынан кырдьыктаахтык тиэрдэргэ сорудахтаата.
Итини таһынан өрөспүүбүлүкэ баһылыга биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы суһал ыстаабы тэрийэргэ дьаһайда.
Атырдьах ыйын 3 күнүгэр СӨ Аҕа баһылыга Айсен Николаев Мииринэйгэ Саха сиригэр уоту умуруора кэлбит сөмөлүөттэр экипажтарын, авиаэтэрээттэр хамандыырдарын кытта көрүстэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүн дойду суһал быһыыга-майгыга министиэристибэтин Бе-200 уонна Арассыыйа көмүскэниигэ министиэристибэтин Ил-76 сөмөлүөттэрэ үлэлииллэр. Көтөр ааллар Мииринэйгэ баазаланаллар. Сөмөлүөттэр ыыс-быдаан буруоҕа туох да көстүбэт буолан, кыайан көппөккө тураллар. Ууну тиэммит көтөр аал суукка эрэ устата турар кыахтаах. Авиаэтэрээттэр хамандыырдара халлаан ырааһырда да уоту умуруорууга көтүү салҕаныа диэн эрэннэрдилэр. Ил — 76 сууккаҕа 42 туонна ууну тиэнэн 4 көтүүнү оҥоруон сөп. Үөһэттэн ууну саба кутарыгар 5-7 эрэ сөкүүндэ ирдэнэр. Бе-200 амфибия-сөмөлүөт бааҕар 12 туонна ууну тиэммитин 12 сөкүүндэ иһигэр ыһар кыахтаах. Онон кинилэргэ эрэл улахан. Айсен Николаев экипажтарга өрөспүүбүлүкэҕэ көмөлөрүн иһин махталын биллэрдэ.
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Ил Дархан АЛРОСА сүрүн дириэктэрэ Сергей Иванову кытта Мииринэй оройуонун уопсастыбанньыктарын, актыбыыстарын кытта көрүстэ. Айсен Николаев ойуур баһаардарыгар, сөмөлүөт көтүүтүгэр, үлэ саҥа миэстэлэрин арыйыыга, нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутугар, тырааныспар сырыытыгар уонна Таас Үрэх, Сүлдьүкээр курдук тэйиччи сытар сэлиэнньэлэргэ социальнай эбийиэктэри тутууга баар ыйытыыларга хоруйдаата. Бу эргин кини норуот актыыбын кытта иккиһин көрүстэ. “Норуот тыын наадатын туруорсарын дьаһалта истиэхтээх, үлэтин онон салайтарыахтаах. Онон атын улуустарга эмиэ маннык үгэһи олохтоон, норуот санаатын истии туһалаах буолуох этэ. Аныгыскы сырыыга Удачнай актыбыыстарын кытта көрсүөхпүт, наадалаах боппуруостары тута оннугар быһаарыахпыт”, — диэтэ Айсен Николаев.
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Айсен Николаев Мииринэй оройуонун уонна бу куорат аттынааҕы сэлиэнньэлэри сайыннарыыга кэлим былаан оҥорорго сорудах биэрдэ. Бу докумуоҥҥа оройуон 2030 сылга диэри сайдыытын Стратегиятын чугастааҕы кэмҥэ ыытыллыахтаах тэрээһиннэрэ киириэхтэрэ. “Туох да ыытыллыбат диэбэппин эрээри, хомойуох иһин, кэнники кэмҥэ бары араҥаҕа үлэ лаппа бытаарбыта көстөр. Онон экэниэмикэ локомотивынан буолар Мииринэй оройуонугар кэлэр 1-2 сыл устата ити буксуйбут сайдыыны иннин диэки күүскэ хамсатыахтаахпыт. Манна олохтоохтору сэргэ тэрилтэлэр бука бары кыттыахтара”, — диэтэ Айсен Сергеевич. АЛРОСА сүрүн дириэктэрэ Сергей Иванов Ил Дархан бу этиитин өйөөтө. Итиэннэ бу үлэҕэ Таас Үрэхтээҕи Нефтегаз, Якутскэнерго тэрилтэлэр бэлэмнэрин биллэрдилэр.
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Айсен Николаев Москваҕа биир күннээх сырыытыгар дойду айылҕа баайыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козловтуун көрүстэ. Салайааччылар ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан кэпсэттилэр. Александр Козлов ойуур хаһаайыстыбатын үбүлээһинин үрдэтиэхпит, Саха сиригэр уоту умуруорууга эбии күүс ыытыахпыт уонна сөҥүүнү түһэрэргэ анаммыт сөмөлүөт өрөспүүбүлүкэҕэ төһө ирдэнэринэн үлэлии хааллын диэн эттэ.
Билигин уоту умуруорууга эрэгийиэҥҥэ 2 495 киһи уонна 319 тиэхиньикэ үлэлиир. Суукка устата анал сөмөлүөттэр 7 төгүл көттүлэр, 78 туонна ууну куттулар.
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Айсен Николаев көрдөһүүтүнэн Арассыыйа көмүскэлгэ миниистирэ Сергей Шойгу Саха сиригэр Илиҥҥи байыаннай уокуруктан 109 киһилээх анал инженердэр этэрээттэрин ыытта. Кинилэр саамай уустук балаһыанньалаах учаастактарга үлэлиэхтэрэ. Сотору Аллараа Бэстээххэ тимир суолунан этэрээт байыаннай тиэхиньикэтэ кэлиэхтээх. Ити туһунан Ил Дархан инстаграмҥа иһитиннэрдэ.
Атырдьах ыйын 5 күнүгэр Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнин оҕо быраабыгар боломуочунайа Анна Кузнецованы кытта көрүстэ. Анна Юрьевна Уус Алдаҥҥа Мындаабатааҕы спортивнай интэринээт-оскуола өрөмүөнүн көрө бара сырытта уонна баҕа өттүлэринэн баһаардары утары охсуһааччылар Уопсастыбаннай ыстааптарын актыбыыстарын кытта көрүстэ. Кузнецова бэрэбиэркэ түмүгүнэн Саха сиригэр төрөппүт быраабын быстарбыт дьон уонна сокуону кэһэн оҕону атаҕастааһын ахсаана аҕыйаҕын бэлиэтээтэ.
Атырдьах ыйын 6 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Арассыыйа Федеральнай мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин федеративнай тутулга, эрэгийиэннэр бэлиитикэлэригэр, олохтоох бэйэни салайыныыга, Хотугу дойду дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Александр Акимовы кытта көрүстэ. Салайааччылар баһаар уотун умуруоруу уонна өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээһин туһунан кэпсэттилэр.
Александр Константинович Ил Дархан уоту утары туһааннаах күүстээх үлэни ыытарын уонна федеральнай киинтэн сөҕүмэр көмөнү ылары ситиспитин бэлиэтээтэ. Кини өрөспүүбүлүкэ ойуурга хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үбүн улаатыннарыыны туруорсууга өйөбүл буоларын, Федерация Сэбиэтэ бу боппуруоһу оһуобай хонтуруолга тутарын эттэ. Маны сэргэ сенатор Федеральнай мунньах Федерациятын Сэбиэтигэр 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаммыт күннэри ыытарга былааннаммытын иһитиннэрдэ.
Атырдьах ыйын 6 күнүгэр Ил Дархан хамсык тарҕана турар улуустарыгар баһылыктар уоппускаҕа баралларын бопто. Ити туһунан Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕар иһитиннэрдэ.
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр СӨ Аҕа баһылыга Айсен Николаев видеосибээс нөҥүө Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сүбэ мунньаҕар кытынна. Ил Дархан Өрөспүүбүлүкэҕэ уоту умуруорууга баар уустуктар туһунан дакылааттаата. Бу үлэҕэ көрүллэр үп кыратын ыйан туран, эрэгийиэннэргэ харчыны тыырыы саҥа ньыматын түргэнник киллэриэххэ диэн этии киллэрдэ.
Аҕа баһылык Дьокуускай аэропордун сөмөлүөттэри көтүтэр балаһатын тутууга быйылгы былааннаммыт үлэ түмүктэммитин быһыытынан Росавиация, Ростехнадзор сертификацияны түргэнник аһара охсоллоругар дьаһал биэрэргэ көрдөстө. Ити Саха сиригэр баһаарга үлэлии кэлбит сөмөлүөттэри Дьокуускайга түһэрэргэ ирдэнэр.
Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ сокуон быһыытынан баһаары умуруорууга 8 чаастан өр үлэлиэ суохтаахтар. Саха сиригэр кинилэр билигин бэйэлэрин баҕа санааларынан 12-14 чаас үлэлииллэр. Ол иһин Айсен Николаев уоту умуруорууга сылдьар маннык үлэһиттэргэ үлэ чааһын таһынан эбии ааҕыыны көҥүллүүрү уонна ити сөптөөх төлөбүрдээх буолуутун туруоруста.
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Айсен Николаев ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит Горнай улууһун Бэс Күөл нэһилиэгэр сырытта, дьиэлэрэ умайбыт олохтоохтору кытта көрүстэ уонна суһал мунньах ыытан, бастакы көмөнү оҥорорго дьаһайда. Ил Дархан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар саҥа дьиэ-уот тутуохпут диэтэ.
Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын кытта Бэс Күөл инфраструктуратын чөлүгэр түһэрии боппуруостарыгар мунньах ыытта. Нэһилиэккэ ойуур уота киирэн 31 дьиэ умайда. Ил Дархан атын туох хорумньу баарын ааҕарга, уоту, гааһы биэриини сөргүтэргэ уонна саҥа дьиэни-уоту тутууга үлэни саҕалыырга сорудах биэрдэ.
Ил Дархан эмсэҕэлээбит ыалларга өйөбүл миэрэлэригэр, ол иһигэр бу дьиэ кэргэттэргэ хас биирдиилэригэр бастакы көмө диэн 30-туу тыһыынча солкуобай биэрэр туһунан дьаһалга илии баттаата уонна оҕолорун дойду сынньанар, чэбдигирдэр лааҕырдарыгар ыытарга дьаһайда.