Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бээтинсэҕэ эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинин тутуутун көрдө. Үлэ хаамыытын тэтимин бытаардыбат соругу туруорда.
«Эбийиэк түмүктүүр көстүүтүгэр кэлэн эрэр. Монолитнай каркаһа бэлэм, ис үлэлэр бараллар. Эспланаданы таһаараллар, аттынааҕы территориятын тупсаран оҥороллор. Тиэмпэни ыһыктымаҥ диэтим. Бу ураты, технологическай былаанынан ыарахан, өрөспүүбүлүкэ култууратыгар олус оруоллаах эбийиэк болдьоҕор тутуута түмүктэнэригэр», —диэн суруйда телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев.
Киин тутуута Дьокуускайга 2024 сылга түмүктэниэхтээх, үлэҕэ киириитэ 2025 сыл. Эбийиэк Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Россияҕа биир бөдөҥ култуурунай комплекс буолуохтаах.
Тутуу иэнэ 33 тыһ кв м. этээһэ – сэттэ.
Манна судаарыстыбаннай филармония, Олоҥхо театра уонна Саха Академическай театр киириэхтэрэ. Көрөөччү саалаларын уопсай миэстэтэ 1530.