Саха театрын сыанатыгар кулун тутар 17 уонна 19 күннэригэр Ил Дархан Айсен Николаев эһэтин, олоҥхоһут Андрей Титаров «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотунан испэктээги аан бастаан туруордулар.
Бу аныгылыы туруоруу үгэс буолбут инструменнарынан уонна бас-гитаранан доҕуһуолланна. «Бүгүн биһиги Олоҥхо театрын 15 сылын бэлиэтиибит. Андрей Титаров олоҥхото көрдөрүлүннэ. Дьокуускайга аан бастакытын туруорулунна. Манна үтүө уонна мөкү охсуһуута эрэ көстүбэт, манна көмүскүүр, харыстыыр, быыһыыр тиэмэ арыллар. Испэктээк тыыннаах музыка доҕуһуоллаах барда. Көрөөччүлэр үрдүктүк сыаналаатылар», – Олоҥхо театрын дириэктэрэ Мария Турантаева эттэ.
«Хардааччы Бэргэн» испэктээк Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо дьиэтин арыллыытыгар туруоруллубута. «Этно-рок Олоҥхо» стиллээх. Сүрүн герой – рок-музыкант, айар кутун көрдөөн олоҥхо эйгэтигэр киирэр.
Андрей Титаров «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотун сахалыы, нууччалыы уонна английскайдыы тылларынан кинигэ гынан таһаарбыттара.
This post was published on 20.03.2023 10:01 10:01