Айсен Николаев Дьокуускайга онкодиспансер тутуутун федеральнайдааҕы бюджекка киллэрэри ситистэ

Дьокуускайга онкологическай киини тутууну федеральнайдааҕы бюджекка киллэрдилэр. Ол туһунан Айсен Николаев Instagram сирэйигэр алтынньы 24 күнүгэр суруйда.


Санатар эбит буоллахха, алтынньы саҕаланыытыгар Айсен Николаев Федерация Сэбиэтин мунньаҕар кыттыыны ылбыта. Манна 2020, 2021 уонна 2022 сыллардааҕы бюджет бырайыагын дьүүллэспиттэрэ. Ил Дархан 2020 сыллааҕы бюджекка Дьокуускай куоракка онкологическай киин иккис уочаратын тутууну киллэрэллэригэр этии киллэрбитэ. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко Саха сирин баһылыгын этиитин өйөөбүтэ.

«Бу сарсыарда Валентина Ивановна миэхэ төлөпүөнүнэн эрийэн онкодиспансер тутуута федеральнай бюджекка киирбитинэн эҕэрдэлээтэ! Тутуу уопсай суумата 5,9 миллиард солкуобай, 2020-2023 сылларга болдьохтоох», – диэн Айсен Николаев социальнай ситимҥэ иһитиннэрдэ.

Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан улахан тутууну саҕалаабыта – Онкоклиническай киин 210 киһини хабар поликлиникалаах, 180 куойка-миэстэ стационардаах, радиологическай отделениелаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах.

Билигин үлэлии турар онкодиспансер материальнай-техническэй базата ыарыһахтарга диагноһы туруорууга уонна эмтииргэ аныгы үрдүк технологическай ирдэбиллэргэ эппиэттэспэт. Саҥа тутуу быһаарыыта кыаллыбакка хас да сыл салҕанан бара турбута.

«Валентина Ивановна Матвиенкоҕа, РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Антон Герсонович Силуановка, Госдуума депутаттарыгар, Саха сириттэн Федерация сэбиэтин чилиэннэригэр, Россия доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтигэр уонна биһиги хамаандабытыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан суолталаах бырайыак олоххо киирэригэр үлэлэрин иһин махтанабын!«, — диэн Айсен Николаев махталын тириэрдэр.

This post was published on 25.10.2019 10:54 10:54