Айсен Николаев Дьокуускай баһылыгын быыбарын көтүрэр туһунан сокуоҥҥа санаатын эттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга баһылык быыбарын көтүрэр туһунан этии киирэр, дуоһунаска куонкурсу кыайбыт ананарын туһунан этиллэр. Сокуон барылын Ил Дархан Айсен Николаев комментарийдаата, сыллааҕы пресс-кэмпириэнсийэтин кэмигэр.

«Мин элбэхтэ эппитим, быыбар хаалыахтаах диэн. Ол кэмтэн уларыйыы элбэх. Биһиги арҕааҥы дойдулар биллэрбит сэрии усулуобуйатыгар олоробут. Онон Россия иһигэр биһиги муҥутуурдук мобилизованнай буолуохтаахпыт. Нэһилиэнньэ талбыт депутаттара баһылыгы быһаараллара ханнык да сүрүн демократическай бириинсиптэри утарбат. Элбэх дойдуга маннык практика баар», — диэтэ Айсен Николаев.

Регион баһылыга бэлиэтээбитинэн, олохтоох бэйэни салайыныыга биир таһымнаах систиэмэҕэ көһүү тоҕоостоох.

«Атын муниципальнай тэриллиилэргэ быыбары көтүрүүнү тарҕатыыга хас да боппуруос баар. Икки таһымнаах систиэмэ бэйэтин көрдөрүүтэ төһө сөптөөхтүк барда, билиҥҥи кэм усулуобуйатыгар. Оройуоттарга баар кэһиилэри билэбин. Сүрүннээн уорууну уонна хорон сиэһини кытта сибээстээх. 99%-гар дьон муниципальнай тэриллии баһылыгын үлэлиэхтээх таһымыгар сатаан үлэлээбэт. Сыыһалара элбэх, сороҕор күлүүлээх. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир таһымнаах систиэмэҕэ көһүү салайыы хаачыстыбатын өттүттэн көрдөххө табыгастаах, сөптөөх», — диэтэ Айсен Николаев.

This post was published on 26.12.2024 15:04 15:04