Айсен Николаев «Энергетикэ» хайысхатыгар РФ судаарыстыбаннай сэбиэтин мунньаҕын ыытта. Ол туһунан кини телеграм-ханаалыгар суруйда.
РФ судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетикэ» хайысхатыгар хамыыһыйа салайааччыта Айсен Николаев суруйарынан, 2024 сылга түмүгү, 2025 сылга былааннары дьүүллэстилэр. Уматык-энергетикэ комплекстарын эбийиэктэригэр промышленнай куттал суох буолуутугар боппуруостары кэпсэттилэр.
«Хамыыһыйаҕа 136 киһи киирэр, ол иһигэр 17 регион баһылыга. 11 мунньаҕы ыыттыбыт. Чохтон саҕалаан, 2050 сылга диэри энергетикэ сайдыытын тосхолугар тиийэ. «Новые атомные и энергетические технологии» национальнай бырайыак оҥоруутугар уонна бигэргэниитигэр үлэлээтибит», — диэн суруйда Саха сирин регионун баһылыга Айсен Николаев.
This post was published on 24.12.2024 11:03 11:03