Инвестиционнай турукка эрэгийиэн эриэйтинэ төһө да үрдүгүн иһин, урбаанньыттар үлэлэрэ уустук усулуобуйалааҕын Ил Дархан бэлиэтээтэ. Үөскээбит балаһыанньаны интэриэстээх өрүттэр соччото суохтук бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэ диэн эттэ.
“Биһиги өрөспүүбүлүкэбит инвестиционнай туругунан (инвестклимат) төһө даҕаны дойдуга 14-с уонна Уһук Илиҥҥэ 6-с миэстэлэммитин иһин, баар балаһыанньаттан соччо үөрбэппин. Судаарыстыбаннай былаас уорганын, олохтоох бэйэни салайыныы уонна урбаанньыттар икки ардыларыгар элбэх өйдөспөт быһыы баарын көрөбүн. Хас биирдиилэрэ үчүгэй, сөптөөх буоларыгар дьулуһар эрээри, түмүгэр биир сиргэ турабыт, онтон сылтаан бары эрэйдэнэллэр – биисинэс, судаарыстыба уонна саамай сүрүнэ биһиги олохтоохторбут. Бэйэ-бэйэни истэр ирдэнэр. Инвестиционнай килимээт туһунан эттэхпитинэ, маныаха саамай сүрүнэ – урбаанньыттар, кинилэр этэллэрин истиэхтээхпит” – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Ил Дархан дьоҕус уонна орто биисинэскэ үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ быһа холуйан 3/1 үлэлиирин, инвестиционнай килиимэти тупсарыыга сиртэн хостооччулары киллэрэн туран, бөдөҥ корпорациялардааҕар бу суолталаах оруоллааҕын санатта. Былаас уорганын үлэһиттэрэ урбанньыттары кытта кэпсэтиитэ тэрийиҥ диэн эттэ.
Айсен Николаев ис инвестордары кытта үлэлэһиигэ сүрүннүүр киини тэрийиигэ биисинэс этиитин өйөөтө. Урбаанньыттар тустаах киини Инвестицияны кытыннарыы уонна экспорды өйөөһүн ааҕыныстыбатын иһинэн арыйар туһунан этии киллэрэллэр. Сиһилии манна ааҕыҥ, суруйда Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Источник: Саха сирэ саайт.
This post was published on 27.12.2024 16:03 16:03