Госдума дьокутааттарын быыбарыгар дьон бэлиитикэҕэ, экономикаҕа аймааһын тахсыан баҕарбатын биллэрдэ. Ити туһунан СИА-ҕа куорат баһылыга Айсен Николаев эттэ.
«Быыбар түмүгэ күүппүппүт, сабаҕалаабыппыт курдук буолла. Дьон-сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ да, дойдуга да олохсуйбут бигэ бэлиитикэ кэһиллиэн баҕарбатын эттэ», — диир кини.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» бэйэтин анал туругун бигэргэппитин Айсен Николаев ордук бэлиэтээн эттэ.
«Быыбар хаһан баҕарар бэлиитигэр күүстэрин күрэстэһиилэрэ. Бу араас ньыманан барар. Мин куруук быыбар быраап хонуутуттан уонна сокуоннартан тахсыа суохтааҕын ойуччу тутан этэбин. Түмүк тахсыбытын кэниттэн быыбар саҕанааҕы араллааны тохтотор, умнар ордук. Ол оннугар уопсастыба туһугар салгыы бииргэ дьайсан үлэлээһин торумнаныахтаах, ол иһигэр бэҕэһээ утарыта турбут дьоҥҥун кытта», — диир Айсен Сергеевич.
«Россияҕа быйылгы быыбарга хаһааҥҥытааҕар да аҕыйах киһи кытынна. Биллэн турар итиниэхэ дьон уоппускаҕа сылдьыыта, бэлиитикэҕэ интэриэс кыччааһына о.д.а. курдук төрүөт баар буолуон сөп”, — диир кини.
This post was published on 21.09.2016 15:51 15:51