Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан эһигини бука барыгытын Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлиибин! Быйыл биһиги дойдубутугар бэлитиичэскэй суолталаах дьоһун түгэн буолла – 1993 сыллаахха ылыныллыбыт судаарыстыба Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрдибит.
Россия хас биирдии эппиэтинэстээх гражданина бэйэтин санаатын биллэрэн, Конституция туттулла сылдьар ыстатыйаларыгар сомоҕолоһууну бөҕөргөтүүгэ уонна элбэх омуктаах дойдубут кыаҕын күүһүрдүүгэ, биир кэлим буолуутун хааччыйыыга, судаарыстыба социальнай мэктиэлэрин кэҥэтиигэ туһаайыллыбыт көннөрүүлэри киллэрдэ уонна саҥа ыстатыйалары өйөөтө.
Бүгүн, пандемия бүүрүүкээбит уустук уонна туох-ханнык буолара биллибэт кэмҥэ, биһиги судаарыстыбабыт, Төрүт Сокуоҥҥа бигэргэммитин курдук, социальнай хайысханы дьиҥ-чахчы тутуһарын көрдөрдө. Ол курдук, бүгүн хас биирдии көмөҕө наадыйар киһи судаарыстыба өйөбүлүнэн туһанар.
Биһиги дойдубут регионнары күүскэ өйөөн туран, сайдыы суолунан иннин диэки эрэллээхтик баран иһэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр национальнай бырайыактары олоххо киллэрии тэтимнээхтик ыытыллар: суоллар тутуллаллар, саҥа оскуолалар, уһуйааннар үлэҕэ киирэллэр, хаарбах дьиэлэр көтүрүллэллэр.
Быйыл Уһук Илин 2024 сылга уонна 2035 сыллааҕы кэрдиис кэмҥэ диэри торумнаммыт социальнай-экономическай сайдыытын Национальнай бырагыраамата ылылынна. Сахабыт сирэ сайдарыгар саҥа кыахтар уонна кэскиллээх суоллар арылыннылар, ону тэҥэ киэҥ хабааннаах былааннары олоххо киллэрэргэ улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ.
Дойдубут дьонун кытта бииргэ биһиги инникибит диэки эрэллээхтик көрөбүт, Россияны сайдыылаах дойду оҥорорго бүттүүн бары дьулуһабыт.
Конституция инникитин даҕаны судаарыстыбабыт стратегическай сайдыытыгар бигэ тирэх буолуоҕа диэн эрэнэбин.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ хас биирдиигитигэр чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну, үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын! Ылыммыт соруккут, баҕа санааҕыт туола турдуннар!