Айсен Николаев: Билигин социальнай гаастааһын тиэмпэтэ ааспыт 50 сыллардааҕы көрдөрүүлэри куоһарда

Хаартыска: Мария Васильева/ЯСИА

Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» телеханаалга быһа эпииргэ «Прямой разговор» биэриигэ бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй сэлиэнньэтигэр гаас утаҕа киирбитин туһунан кэпсээтэ.

«Саха сирин сэлиэнньэлэригэр гаас киирэрэ куруутун үөрүүлээх, улахан бырааһынньык буолар. Бүгүн сарсыарда Өлөчөйгө көтөн кэллим. Гааһы олорор дьиэлэргэ номнуо киллэрдибит. Билиҥҥи туругунан уопсайа 111 дьиэттэн 80-на холбонно», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ылыммыт быһаарыныыларынан, социальнай гаастааһын үлэтэ түргэн тэтимнээхтик баран эрэр. Сыл түмүгэр 2 тыһ дьиэҕэ гаас киирэрэ былааннанар. Бу сыллар устата 7,5 тыһ. дьиэ кэргэҥҥэ гаас киирдэ.

Гаас тиийбит сиригэр олох-дьаһах тупсар диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

НВК Саха ТГ-ханаала

This post was published on 16.10.2024 14:46 14:46