Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу күннэргэ тэриллибит баһаары утары үлэлииргэ туһуламмыт уопсастыбаннай штаб үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Штабы Общественай палата чилиэнэ, урбаанньыт Афанасий Алексеев салайар.
Алексеев билиҥҥитэ штабка 18 киһи үлэлиирин иһитиннэрдэ. Кинилэр уоту умулуннарыыга наадалаах анал таҥас, туттар мал-сал, харчы хомуйалларын, баһаардарга үлэлиэн баҕалаах дьону түмэллэрин, өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаабы кытары бииргэ үлэлэһэр соруктаахтарын эттэ.
Штаб бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Айыллан Винокуров «бу күннэргэ мэдиссиинэ, култуура үлэһиттэрэ, биирдиилээн дьон 383 тыһ солкуобайы тиксэрдилэр», диэтэ. Ол иннигэр урбаанньыттар биэрбит 500 тыһ харчыларыгар туттар мал-сал, сэп-сэбиргэл ылыллан, миэстэлэригэр тиэрдиллибиттэрин эттэ. Бэҕэһээ «Майтона» хампаанньа 30 мөл харчыны биэрбит.
Бу күннэргэ волонтер штаба 21 киһини Горнайга, 27 киһини Нам улууһугар ыыппыт.
Ил Дархан Айсен Николаев уустук кэмҥэ бэйэтин көмөтүн биллэрбит, баҕа өттүнэн үлэлииргэ туруммут дьоҥҥо махталын тиэртэ. Кини үлэһит илии төгүрүтүллүбүт уоту маныырга, ситэри умулуннарарга наадатын эттэ. «Биир санаанан уот нэһилиэктэргэ суоһаабатын ситистибит», — диэтэ Ил Дархан.
Кини бу күннэргэ эбии дьон хомуура биллэриллиэн, кинилэр уустук туруктаах улуустарга барыахтарын эттэ. Ону таһынан, биир сиргэ кииннэнэн тиэхиникэ түмүллүөн, наада буолла да онтон баһаар күөдьүйэр сиригэр бырагыллыан эттэ.
This post was published on 21.07.2021 15:02 15:02