Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Россия күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бүгүн биһиги Дойдубут күнүн бэлиэтиибит. Улуу державабытынан киэн туттабыт уонна киниэхэ эрэнэбит.
32 сыл анараа өттүгэр Россия норуота дойду дьылҕатын быһаарар Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан декларацияны ылыммыта. 1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр РСФСР бар дьонун дьокутааттарын бастакы сийиэһэ Россия судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылбыта. Ол кэмтэн саҥа судаарыстыба устуоруйата саҕаламмыта. Саха сирэ Россия саҥа федеративнай судаарыстыбаннаһын бастакынан өйөөбүт эрэгийиэннэртэн биирдэстэрэ буолбута. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит модун державаны кытта тэҥҥэ сайдар, дойду судаарыстыбаннаһын уонна экэнэмиичэскэй кыаҕын бигэ тирэҕэ буоларга дьулуһар. Саха сирэ – социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн дьоөун кыахтаах стратегическай эрэгийиэн. Биһиги тугу айарбыт-тутарбыт барыта бүттүүн дойдубут туһугар оҥоһуллар.
Бүгүн Россия олохтоохторо Саха сириттэн – Крымҥа, Магадантан Калининградка диэри бука бары биһиги бэйэбит дойдубут гражданнара буоларбытын, түмсүүлээхпитин өссө төгүл бигэргэтэн Россия күнүн бэлиэтииллэр. Бу күннэргэ, киһи аймах бүттүүнүн сыаннастарыгар бырааппытын туруулаһар кэммитигэр, арҕааҥы дойдулар биһигини утары куомуннаспыт кэмнэригэр, дойдубут биһигиттэн Россия саҥа устуоруйатыгар бу иннинэ буола илик күүстээх сомоҕолоһууну эрэйэр. Ханнык да санкция, сааныы биһигини самнарыа суоҕа, төттөрүтүн, кыаҕыран иһиэхпит.
Биһиги Ийэ дойдубут дьылҕатын иннигэр эппиэтинэһи сүгэбит. Аҕа дойдубут көмүскэлигэр турунан, күннээҕи үтүө суобастаах үлэнэн, оҕолорбутун сөпкө иитэн, төрөппүттэрбитигэр кыһаллан, Сир ийэ дойдуну харыстаан, тулабытын тупсарарга дьулуһан биһиги кэскилбитин түстүүбүт. Ол сырдык кэскил туһугар биһиги эһээлэрбит кыргыспыттара. Онон биһиги, Россия олохтоохторо, кэлэр көлүөнэ киэн туттарын курдук өбүгэлэрбит кэриэстэрин түһэн биэриэхпит суоҕа.
Бу кэрэ бэлиэ күнүнэн барыгытыгар өрө көтөҕүллүүнү, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну уонна саҕалаабыккыт барыта табылларыгар баҕарабын! Россия күнүнэн, күндү доҕоттор!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
This post was published on 12.06.2022 10:33 10:33