Айсен Николаев Горнай улууһун Бэс Күөлэ нэһилиэгэр умайбыт түөлбэни чөлүгэр түһэрии үлэтин, дьиэлэри, хотоннору тутуу, нэһилиэнньэҕэ социальнай көмөнү оҥоруу боппуруостарын билистэ.
«Кылгас кэм иһигэр нэһилиэги чөлүгэр түһэрэр сорук турар, олохтоохтору дьиэнэн хааччыйыы, хаһаайыстыбаннай тутуулары, бастакы уочарат, хотоннору тутуу, баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ социальнай өйөбүлү оҥоруу түргэн быһаарыыны эрэйэллэр», — диэтэ Ил Дархан.
Бастакы вице-премьер, нэһилиэги чөлүгэр түһэрэр суһал ыстаап салайааччыта Дмитрий Бердников иһитиннэрбитинэн уопсайа 6 элбэх кыбартыыралаах дьиэ (15 кыбартыыра), 26 чааһынай дьиэ уокка былдьаммыттар. Сорох дьон харчынан компенсация ыларга быһаарыммытынан 34 дьиэ тутуллуохтаах. Дьиэлэри АЛРОСА үбүнэн (200 мөл солк) кэлэр көлүөнэ Пуондата сакааһынан тутуохтара.
Дьиэлэри МХМ-панелларынан тутуохтара. 31 дьиэ кэмпилиэгин АЛМАС тэрилтэ биэриэ, үһүн — МАСС тэрилтэ. Билиҥҥитэ 7 дьиэ кэмпилиэгэ бүтэн, иккитэ Бэс Күөлүгэр тиэрдиллибит.
Айсен Николаев тутууну ураты хонтуруолга ылары эттэ. Дьиэлэри 10 тэрилтэ тутуо. Кинилэри Тутуу министиэристибэтин иһинэн тэриллибит хамыыһыйа бигэргэппит. Кинилэр истэригэр баар «Туймаада строй» тэрилтэ бу күннэргэ дьиэлэр сыбаайаларын 60% түһэрбит, атыттар бу күннэргэ саҕалыахтара.
Билиҥҥитэ умайбыт түөлбэҕэ тутуулар барыахтаах сирдэрин ыраастааһын, тэҥнээһин үлэлэрэ барбыттар. 10 тыһ куб тутуу бөҕө, 9 тыһ кубометр кумах тиэллибит. Инженернай-геологическай чинчийиилэр түмүктэммиттэр. Уот, гаас сөргүтүллүбүт. Дьиэлэри кытары 1 км суол тутуллуо. Итиниэхэ 6,9 мөл солкуобай көрүллүбүт.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар баар боппуруостары быһаарар туһуттан бырабыыталыстыба нормативнай правовой базаны кылгас кэм иһигэр бэлэмниэн, үлэ түргэтиэн наадатын эттэ Ил Дархан.
Вице-премьер Михаил Никифоров уопсайа 26 хаһаайыстыба эмсэҕэлээбитин иһитиннэрдэ. 9 сүөһү, 8 сибиинньэ, 20 куурусса, 120 хоруолук уокка былдьаммыттар. 223 төбөҕө анаммыт 10 хотон, 8 тиэхиникэ, 4 анал тэрил умайбыттар. Итини таһынан 12 км күрүө, 212 туонна от баһаарга былдьаммыт. Хоромньу 61 мөл солкуобайга тэҥнэспит.
«Атамай» крестьянскэй хаһаайыстыба 100 төбөҕө анаммыт хотонун чөлүгэр түһэрэр сорук турар итиэннэ кэтэх хаһаайыстыбалар хотоннорун тутуохтара. Тутуулар оннуларыгар дьон харчы ылыан сөп. Сүөһүлэри атын хаһаайыстыбалартан ылыахтара.
Үлэ миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн олохтоохтор бары 30 тыһ харчыны ылбыттар. Кыаммат дьоҥҥо биирдиилээн көмө оҥоһуллар. Итинник көмөнү 15 дьиэ кэргэн, 1 мөл 215 тыһ солкуобайы ылтар.
100 тыһ федеральнай көмөнү 142 киһи, дьиэлэргэ пропискалаах дьон ылыахтара. Ил Дархан прописката суох олорбут 18 киһини, ол иһигэр 15 оҕону болҕомтоҕо ылалларын, суут нөҥүө үлэни ыытары эттэ.
Туспа санаторнай-курортнай сынньалаҥ туһунан кэпсэттилэр. 250 араас ыарыылаах киһи киин куораттарга эмтэниини, чэбдигирдиини ааһыахтара. Итинтэн бастакы бөлөх атырдьах ыйын 29 күнүгэр Тюмень куоракка, атыттар атырдьах ыйын 31, балаҕан ыйын 1 күннэригэр Москубаҕа көтүөхтэрэ. Сорохтор бэйэлэрин баҕаларынан балаҕан ыйыгар, алтынньыга сынньана барыахтара. Билигин 24 киһи Дьокуускайга эмтэнэр.
This post was published on 25.08.2021 11:02 11:02