Ытыктабыллаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо! Күндү доҕоттор! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини кэрэ-бэлиэ түгэнинэн – ыалдьытымсах майгылаах үтүөкэн дьонноох, өлгөм үүнүүлээх өҥ буордаах Өлүөхүмэ сиригэр ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!
Биһиги Олоҥхо ыһыаҕын 2006 сылтан, өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо бастакы Уон сыла саҕаланыаҕыттан, үгэс быһыытынан бэлиэтиибит. Бэс ыйын бу үтүөкэн күннэригэр олоҥхоһуттар, олоҥхоҕо сүгүрүйээччилэр, олоҥхону чинчийээччилэр биир түһүлгэҕэ тоҕуоруһа мусталлар.
Былырыын дьаҥ тарҕанан, уустук быһыы-майгы үөскээн, хомойуох иһин, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбатаҕа. Быйыл хааччахтыыр уонна харыстыыр дьаһаллары барытын тутуһан ыытарга быһаарынныбыт.
Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытыы биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр култуура эйгэтигэр эрэ сыһыаннаах буолбатах. Бу тэрээһин Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар үтүө дьайыылааҕа сүҥкэн суолталаах.
Бу сырыыга Өлүөхүмэ оройуонун олохтоохторо саха норуотун улууканнаах айымньытын чөл хаалларыыга, былыргы эпоһы аныгы уопсастыбаҕа таһаарыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэр чиэстэннилэр. Онон быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, Өлүөхүмэни сайыннарыыга ис көҕү көбүтэр чаҕылхай тэрээһин буоллун!
Глобализация уонна араас култууралар, үгэстэр бииргэ сайдар үйэлэригэр биһиги бэйэбит төрүт үгэспитигэр эргиллэрбит, өбүгэлэрбит айан-чочуйан хаалларбыт сүдү айымньыларыгар – Олоҥхоҕо – иҥэн сылдьар аан дойдуну дириҥник анааран көрөр өлбөт-сүппэт муударастарынан олохпутун байытарбыт олус кэрэхсэбиллээх.
ЮНЕСКО 2005 сыллаахха олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан билиммитинэн биһиги киэн туттабыт. Бу саха норуота аан дойду култууратыгар уһулуччу кылааты киллэрбитин бигэргэтэр.
Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Олоҥхо ыһыаҕа арыллар кэрэ-бэлиэ күнүнэн эһиэхэ чэгиэн-чэбдик туругу, бары үтүөнү, дьоллоох, алгыстаах самаан сайыны баҕарабын! Орто туруу бараан дойдубут иллээх-эйэлээх буоллун, сайда-чэчирии турдун!
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана