Ил Дархан Айсен Николаев «Азия оҕолоро» сайыҥҥы Оонньуулары төрүттэммит сиригэр куруук ыытыахха сөп диэн санаатын эттэ. Ити 2020 сыллааҕы Оонньуулары Монголия ситэтэ суох бэлэмнээх көрсүүтүн кытта сибээстээх.
««Азии оҕолорун» тула ытырыктатыылаах соҕус балаһыанньа үөскээтэ. Монголия тэрийиэхтээҕэ. 2016 сыллаахха Оонньуу уота кинилэргэ бэриллибитэ. Онно быһаарыы быһыытынан Оонньуулар биир кэмҥэ кыраныысса таһыгар ыытыллаллара ордук курдуга, онтон эмиэ Дьокуускайга төннүөхтээҕэ. Билигин Монголия сөптөөх таһымҥа бэлэми ыыппата. Ол иһин Аззия олимпийскай кэмитиэтин быһаарыытынан, оонньуулар онно буолбат буоллулар», — диэн кэпсээтэ Айсен Николаев.
Кини бэлиэтээбитинэн, уһун кэмнээх кэпсэтиилэр кэннилэриттэн Оонньуулары Оман ыытарга сөбүлэстэ. Ити эрээри, хомойуох иһин, бэрт кыра бириэмэ хаалбытынан, күрэхтэһии бырагырааматын кылгатан биэрэргэ этилиннэ. Холобур, дуобат, художественнай гимнастика бырагыраамаҕа киирбэтилэр. Омаҥҥа киирбэтэх спорт көрүҥнэрин атын дойдуга ыытыахха сөбө кэпсэтиллэр.
«Мин санаабар, Сайыҥҥы Оонньуулары куруук Дьокуускайга ыытыахха сөп. Дьон да үөрэннэ, тупсарыныыга, саҥа эбийиэктэри тутууга элбэх үлэ ыытылынна. Билигин атын илиигэ бэрилиннэ — ол түмүгэр үгүс өйдөммөт түгэн тахсыталаата. Биһиги «Азия Оҕолоро» кэмитиэт быһаарыыларын кытта кэпсэтиэхпит», — диэн түмүктээтэ Ил Дархан.
Игры «Дети Азии» могут пройти в Омане в 2020 году
This post was published on 31.01.2020 10:37 10:37