Улуустарга коронавирус инфекцията тарҕаныытын кутталын кыраныысса таһыттан кэлбит дьон бэйэлэрэ олохтуохтарын сөп. 2300 пассажиртан, Саха сиригэр кэлбиттэртэн, аҥара оройуоттарга салгыы айаннаабыттар. Бу туһунан Айсен Николаев социальнай ситимнэргэ быһа эфир кэмигэр эттэ, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Оройуоттарга туох баар миэрэ барыта ылыллар, суһал штабтар тэриллибиттэрэ. Улуустарга коронавирус инфекцията тарҕаныытын кыраныысса таһыттан кэлбит дьон олохтуохтарын сөп. 10 хонук иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ 2300 олохтоох дьон кыраныысса таһыттан кэлбит, онтон аҥара — Дьокуускайга, чиэппэрэ — Мииринэйгэ уонна Нерюнгрига, хаалбыттар — оройуоттарга, ол иһигэр тыа сирин олохтоохторо. Ити эрээри дьон бэйэтин айанын туһунан информацияны биэрбэт. Дьиҥэр, бу кини баҕа санаата буолуо суохтаах, эбээһинэһэ», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини бэлиэтээбитинэн, ыарыы атын дойдуттан кэлбиттэри кытта оройуоттарга, ол иһигэр тыа сиригэр тарҕаныан сөп.
«Олус сэрэхтээх буолуохха наада. Билигин 200-300 тас дойдулартан айаннаан кэлбит киһи бэйэтин туһунан биллэрэ илик. Ис дьыала сотрудниктара көрдүүргэ күһэллэллэр. Ити эрээри дьон бэйэтэ этиэн, «самоизоляцияҕа» барыан наада», — диэн Саха сирин баһылыга тоһоҕолоон эттэ.
Айсен Николаев билигин ханнык баҕарар хайысхаҕа айаны тохтотор ордугун эттэ. Киһи, бэйэтэ да билбэтинэн, инфекцияны тарҕата сылдьар буолуон сөп. Оттон тыа сиригэр үксэ саастаах дьоммут олорор. Кинилэр олохторугар коронавирус дьайыыта олус кутталлааҕын «айанньыттар» өйдүөхтэрин наадата этилиннэ.
This post was published on 27.03.2020 09:34 09:34