Айсен Николаев: «АПК күрэстэһэр таһымын үрдэтии хамсааһына саҕаланна»

Ил Дархан ыам ыйын 27 күнүгэр судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганын ааспыт сыллааҕы үлэтин Ил Түмэн уочарата суох пленарнай мунньаҕар иһитиннэрэригэр норуот хаһаайыстыбатын сүрүн салааларыгар тохтоото. edersaas.ru суруйар.


Өрөспүүбүлүкэ агро-промышленнай тиһигэр көрдөрүү тупсарыллан иһэрин Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ буолбут отчуотугар бэлиэтээтэ. Ол курдук, 2019 сыл түмүгүн чуолкайдаммыт чахчытынан, уонунан сыллар кэннилэриттэн аан бастаан сүөһү бары көрүҥэ: ынах сүөһү, сылгы, таба, сибиинньэ уонна көтөр ахсаана эбиллибит, балыктааһын көрдөрүүтэ үрдээбит.

Барыта 1120 ынах сүөһүгэ анаммыт аҕыс толору хааччыллыылаах бөдөҥ комплекс, 12 ыанньык сайылыга, 5 ыччат сүөһү сайылыга тутулуннулар, судаарыстыба граннарын үбүгэр үүтү, эти, балыгы уонна сир аһын астыыр-таҥастыыр салаа эбийиэктэрэ оҥоһуллаллар.
«Саюри» ХЭУ төгүрүк сылга үлэлиир тэпилииссэтин комплексын иккис уочарата үлэҕэ киирэн, 2018 сыллааҕар тоҕус төгүл элбэх оҕуруот аһа хомуйулунна. Сыл устатыгар барыта 26,1 миллиард солкуобай суумалаах тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата оҥоһуллубут. Ити 2018 сыл таһымыттан 0,5 %-ынан үрдүк. Саха төрүт сүөһүтүн ууһатан иитиигэ «Саха сүөһүтэ» судаарыстыбаттан үбүлэнэр генопуонда тэрилтэтэ тэрилиннэ, саха ынаҕа 726-тан 790 төбөҕө тириэрдилиннэ.
Саҥа бырайыактар олоххо киллэриллэллэр. «Саха сирин АПК-тын бородууксуйатын экспортка» бырайыагынан бэйэ бородууксуйатын атын эрэгийиэннэргэ батарыы биэс төгүл улаатта. Аһылык технологиятын киинэ үлэҕэ киирдэ, бааһынай хаһаайыстыбалары уонна кэпэрэтииптэри өйүүр сыаллаах «Агростартап» бырагырааманан үлэ саҕаланна.
– Онон сыл түмүгэ, биһиги 2024 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы чорботуллар хайысхаларынан үлэни-хамнаһы тэрийиигэ, АПК күрэстэһэр кыаҕын күүһүрдэн, бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыныыга, сөптөөх хамсааһыны таһаарбыппытын көрдөрөр, – диэтэ Айсен Николаев. – Билигин сааскы ыһыы үгэнэ. Хаһаайыстыбалар бааһына иэнин былырыыҥҥытааҕар 10 %-ынан кэҥэттилэр. Коронавируһунан сибээстээн төһө да хааччахтыыр дьаһаллар киллэриллибиттэрин иннигэр, олоҕу-даһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын салаата, сэрэтэр дьаһаллары ылынан, үлэлэрин өссө күүһүрдэн биэрдилэр.

This post was published on 28.05.2020 15:01 15:01