«Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан Амур уобалаһыгар Ан-24 сөмөлүөт саахалыгар өлбүттэр аймахтарыгар уонна чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммын биллэрэбин. Пассажирдар ортолоругар кыра оҕолор баалларын санаатахха, олус ыарахан. Ыар сүтүгү тулуйарга чугас дьоннорун туһунан сырдык өйдөбүл уонна тулалыыр дьон өйөбүллэрэ күүс буоллун. Саха сирэ эһигини кытта тэҥҥэ курутуйар», — телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев суруйда.
Санаттахха, «Ангара» авиахампаанньа Ан-24 сөмөлүөтүн бордугар 49 киһи — 43 пассажир уонна экипаж алта чилиэнэ — от ыйын 24 күнүгэр Хабаровскай — Благовещенск — Тында хайысханан рейска туруммута.
Саха сирин быыһааччылара сөмөлүөт саахалламмыт сиригэр көмөҕө бардылар.
This post was published on 25.07.2025 10:01 10:01