Кэлэр сылларга дьокуускай куоракка аан дойду таһымнаах научнай-үөрэтэр киини тутуу өрөспүүбүлүкэ салалтатын биир сүрүн соругунан буолар. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ХИФУ кэтээн көрөр сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн эттэ. Мунньахха РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ миниистири бастакы солбуйааччыта Григорий Трубников кытынна, диэн СИА иһитиннэрэр.
«ХИФУ – биһиги региоммут стратегическай тэрилтэтэ, Саха сирин үрдүк үөрэҕин флагмана эрэ буолбакка, бүтүн Россия хотугулуу-илиҥҥи өттүн хабар. Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ салалтата кини сайдыытыгар көмөлөһөр уонна ону салгыыр. Биһиги сүрүн сорукпутунан — кэлэр сылларга Дьокуускайга аан дойду таһымнаах научнай-үөрэтэр киини арыйыы буолар. Бырайыак үлэтин саҕалаата, Ыйаахха илии баттаммыта. Идея Уһук Илин салалтатынан өйөммүтэ, ол эбэтэр Камчатка, Магадан, Чукотка бииргэ үлэлиииргэ бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ. Биһиги билигин өрөспүүбүлүкэ территориятыгар, Уһук Илиҥҥэ үлэлиир индустриальнай партнердары, бөдөҥ хампаанньалары кытта үлэлэһэбит. Биһиэхэ ураты компетенциялаахпыт, ону сайыннарыахпытын наада. Федеральнай бырабыыталыстыба, РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министерство кыттыыларынан, бу хайысхаҕа дьоһуннаах хардыылары ситиһиэхпит дии саныыбын», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 26.09.2019 17:56 17:56