Быйыл Улуу Кыайыы 75 сыла бэлиэтэнэринэн, Сахабыт сиригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна инбэлииттэригэр 100 тыһ. солк. төлөнүөҕэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа таҕыста.
Ыйаахха сөп түбэһиннэрэн, 30 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүр кэргэттэрэ сэрии толоонуттан эргиллибэтэх огдооболорго, «Ленинград блокадатын олохтооҕо» бэлиэлээх гражданнарга, концлагерьга, геттоҕа түбэспит оччотооҕуга сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго бэриллиэҕэ.
Аҕа дойду Улуу сэриититтэн эргиллибит, кэлин олохтон туораабыт кэргэттэрдээх огдооболорго 20 тыһ. солк. көрүллүөҕэ, тыыл бэтэрээннэригэр — 10 тыһ.солк.
Маны сэргэ сэрии оҕолоро статустаах, ол эбэтэр 1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр диэри сокуоннай саастарын туолбатах гражданнар 3 тыһ. солк. ылыахтара.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар уонна инбэлииттэригэр 100 тыһ. солк., итиэннэ сэрии оҕолоругар аан бастаан төлөбүр көрүллүөҕүн туһунан Айсен Николаев Анал этиитигэр иһитиннэрэн турар.
Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн быйыл үгүс дьаһаллар олоххо киирэллэр, бэлиэ тэрээһиннэр буолаллар. Россияҕа Сүгүрүйүү уонна Албан аат сыла, Саха сиригэр Дойдуга бэриниилээх буолуу сыла биллэриллибитэ, диэн иһитиннэрэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
This post was published on 31.01.2020 14:28 14:28