Айсен Николаев 2021 сылы Саха сиригэр Доруобуйа сылынан биллэрдэ

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал туһаайыытын кэмигэр 2021 сылы Саха сиригэр Доруобуйа сылынан биллэрдэ.


«Бу олоххо киһи олоҕуттан күндү итиэннэ киһи киһиэхэ кыһамньылаах сыһыаныттан ордук туох да суох. Бу сыл ону туоһулаата. Онон эһиилги 2021 сылы өрөспүүбүлүкэҕэ Доруобуйа сылынан биллэрэбин», — диэтэ Ил Дархан.

This post was published on 24.12.2020 14:08 14:08