Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Этиитин кэмигэр кэлэр сылы Патриотизм сылынан биллэрдэ.
2020 сылга Россия Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыыны уһансыбытын 75 сылын бэлиэтиэ. Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Этиитин кэмигэр төрөөбүт дойду историятыгар бу даата суолтатын бэлиэтээтэ. Эйэ туругурарын туһугар саллаат хорсун быһыытынан киэн туттуу дьоҥҥо дьиҥнээх патриоттуу санааны үөскэтэр. Көлүөнэлэр сибээстэрин өссө чиҥэтэр сыалтан, Ил Дархан 2020 сылы Саха сиригэр Патриотизм сылынан биллэрдэ.
«Бу сыл историяны ыччакка чөл тириэрдиигэ бөҕөргөтүөхтээх, төрөөбүт дойдуну ытыктыырга эдэр көлүөнэни иитиигэ олук буолуохтаах. Саамай сүрүн сорук — биһиги оҕолорбут, ыччаппыт аныгы олоххо туһалаах буолалларыгар эрэллээх уонна инникитин ситиһиилээх буолуулара. Патриотизм сылыгар биир сүрүн хайысханан «Биһиги — Россия эрэллэрэбит!» бырайыак буолуоҕа. Сүрүн сыала — гражданственноһы иитии уонна кинилэр дойдуга харыстабыллаах сыһыаннара. Биһиги оскуолаларга Россия өрөгөй ырыатын толорор буоллубут. Судаарыстыбаннай символларга ытыктабыллаах сыһыан — эдэр киһиэхэ бастакы уонна олус суолталаах хардыы буолар. Биһиги патриотизм диэн күүстээх этии эрэ буолбакка, кыайыыга кимэн киирии буоларын өйдүөхтээхпит. Дьиҥнээх патриотизм — дьиэ кэргэн, кэлэктиип иннигэр эппиэтинэс, төрөөбүт дойду ситиһиитэ уонна үтүө туруга», — диэтэ баһылык.
Патриотизм сылыгар хас биирдии Саха сирин олохтооҕо сайдыыга чуолкай көрүүлээх буоларыгар, салайыыга саҥа кыахтар арылалларыгар, быһаарыылары ылынан, онно эппиэти сүгүү баар буолуохтааҕын Ил Дархан эбэн эттэ.
«Кэлэр сыл биһигини өссө күүскэ түмэригэр итэҕэйэбин. Өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарыгар уонна онно олорор хас биирдии олохтоох дьоллоох буоларыгар күүспүтүн бары түмүөхпүт«, — диэн түмүктээтэ Айсен Николаев.
This post was published on 16.12.2019 15:49 15:49