22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Айсен Николаев: 2019 сыл Саха сиригэр тосту уларыйыылаах буолла

14:53, 16 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2019 сыл Саха сиригэр да, дойду үрдүнэн да тосту уларыйыылаах буолла. Ситиһиилэри уонна күөн тутар хайысхалары Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Этиитигэр бэлиэтээтэ.


2019 сыл Саха сиригэр да, Уһук Илиҥҥи региоҥҥа да, дойду үрдүнэн да тосту уларыйыылаах буолла. Сайдыыга муҥутуур кыаҕы туһаныыга, Россия дьонун олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга анаммыт судаарыстыба стратегията субъектарга барыларыгар үлэтин саҕалаата, диэтэ Айсен Николаев.

«Өрөспүүбүлүкэ дойду уопсай хамсааһыныгар кыттыста — бастатан туран, дьон уонна кинилэр уларыйыыларга сыһыаннара. Мин үгүс улууска сырыттым, дьон санаата-оноото кэлбит. Туора туран, күүтээччи, кэтэһээччи эрэ буолбакка, тулалыыр өттө үчүгэй өттүгэр уларыйарыгар баҕа өттүнэн ылсар буолла», — диэтэ кини.

Ил Дархан эппитинэн, Саха сирин хас биирдии олохтооҕ нус-хас олохтонон, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан, инникигэ эрэллээх, кыахтаах буолалларыгар санаатын эттэ.

«Быйыл биһиги доҕордуу быһыыбытыгар уонна атын норуоттар олохторугар убаастабыллаах сыһыаммытыгар үгэһи тутуһууга тургутууну аастыбыт. Саха сирин олохтоохторо — сахалар, нууччалар, атын норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ — хотугу ыалдьыытымсах майгыны тэпсибэккэ, муударайдык толкуйдаан, Саха сиригэр үлэлии кэлбит дьоҥҥо үтүө сыһыаны киэр илгибэккэ, уустук балаһыанньаттан чиэстээхтик таҕыстыбыт», — диэн эбэн эттэ.

Регион салайааччыта эппитинэн, бэйэҕэ дьоһуннаах сыһыан уонна эппиэтинэс инникитин даҕаны Саха сирин олохтоохторун күүстээх оҥороругар уонна ситиһиилээх гынарыгар түмүөхтээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА