Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэрнээт үөрэнээччитэ Айсен Кычкин профильнай таһымнаах математика биир кэлим экзаменыгар (ЕГЭ) бастакынан 100 баалы ылла.
90-тан тахса баалы 13 үөрэнээччи ылбыт. Ити туһунан үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«Быйылгы экзамен түмүктэрэ үөрэнээччилэр экзамеҥҥа дьоһунаахтык сыһыаннаспыттарын көрдөрдө. Алын баалы ылбатах үөрэнээччи ахсаана 2 бүк аччаата», — диэтилэр министиэристибэҕэ.
Нуучча тылыгар, математикаҕа көрдөрүү биллэ тупсубут.
This post was published on 22.06.2016 10:56 10:56