Айсен Ботуевы дойдутугар чиэстээтилэр (ВИДЕО)

«Дыгын оонньууларыгар» 3-с миэстэни ылбыт Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх Айсен Ботуевы дойдутун дьоно уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.

Олохтоохтор фейерверктээхтэр, былакаат суруйан бэлэмнээбиттэр. Санатан эттэххэ, Айсен Ботуев 18 саастаах многоборец, Чурапчы спортивнай институтун устудьуона. Туймаада ыһыаҕар 66-та тутум эргийэн, рекорд олохтоон, элбэх киһи кутун-сүрүн туппута. 

0
0

This post was published on 28.06.2018 16:52 16:52