Муомаҕа сахалыы саҥарар омуктар

Улууспутугар араас омук бэрэстэбиитэллэрэ эйэлээхтик олороллор, үлэлииллэр. Кинилэр тыйыс тымныы айылҕабытын сөбүлээн, иккис дойду оҥостон биһиги тылбытынан сахалыы саҥаралларын биһириибит уонна астынабыт. Сахалыы холкутук саҥарар омук дьоно санааларын үллэстэллэр. 


Айлымаа Дмитриева (Шири), омугунан тувинка, икки оҕо ийэтэ, үс оҕо эбэтэ, «Кэнчээри» уһуйааҥҥа 26-ыс сылын үлэлиир:

Мин Улан-Удэ куоракка устудьуоннуу сылдьаммын, саха кыргыттарын кытта биир хоско олорбутум, кинилэр аҕыйах тылы саҥарарга үөрэппиттэрэ. Онтон Муоматтан төрүттээх саха уолугар Александр Дмитриевка  кэргэн тахсан, 1988 сыллаахха Хонууга кэлэн олохсуйбуппут. Маҥнай кэлэн баран, Сашкалыын кэпсэтэ сатыырым, анаан үөрэппэтэҕэ, утуу-субуу уоллаах кыыс оҕоломмуппут, ол курдук наада тирээн, куруук туттуллар тыллартан саҕалаан саҥарар буолубутум. Кэргэним төрөппүттэрэ наһаа үөрбүттэрэ, «кийииппит сахалыы ыраастык саҥарар буолбут» диэн.

Киһи дьиктиргиэх, сахалыы толкуйдуубун. Тувинныы да, нууччалыы да буолбатах… Дойдубар Тываҕа тиийдэхпинэ, дьонум эмиэ соһуйаллар — сахалыы саҥардахпына, сороҕор улахан баҕайытык «аньыы даҕаны» диэн саҥа аллайабын (күлэр).

Ааҕабын, суруйабын. Биллэн турар, уһун аһаҕас, хоһуласпыт, сэргэстэспит дорҕооннору араарбакка сыыһа суруйуохпун сөп.

Саха сиригэр 30-ча сыл олордум, кэргэним саха, оҕолорум сахалыы саҥараллар, онон миэхэ буолуохтааҕын курдук…

Андрей Сидоренко, омугунан нуучча, саха кэргэннээх, үс оҕолоох, ОДьКХ сантехнига:

– Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аҕыйах тылы өйдүүр этим, онтон саха кыыһын Светлананы кэргэн ылан баран, дьэ, сахатыйбытым. Маҥнай сыыһа-халты саҥарар этим, ону кэргэним көннөрөн биэрэрэ.

Дьиэбитигэр икки тылынан кэпсэтэбит: сахалыы да, нууччалыы да. Улахан уолбун Никитаны кытта сахалыы кэпсэтэбин, икки кыралар – нууччалар.

Ардыгар ийэбин кытта чэйдии олорон, нууччалыы кэпсэтэн иһэн сорох тыллары сахалыы саҥардахпына, өйдөөбөт. Оннук бэйэм да билбэппинэн, икки тылынан тэҥҥэ саҥаран хаалабын.

Сахалыы хоһооннору олус сөбүлээн ааҕабын. Сахалыы ырыалары олус сөбүлээн истэбин. Кус-хаас, хамсыыр-харамай ааттарын сахалыы саҥарабын. Көҕөн, ээмиллэ, тыйаах… сахалыы ааттарын араарабын. Булчут буоллаҕым дии. Булка, айылҕаҕа таҕыстахпына, уоту аһатабын, алгыыбын. Уолаттар «эн аһат» диэн миэхэ соруйаллар, тылым тиийэр быһыылаах. Байанайым мичик гынар, өлүүлүүр.

Аҕыйах сыллааҕыта массыына перегоннуу сылдьан, Чурапчыга биир ыалга чэйдии киирдибит. Кырдьаҕас ыаллар. Хаһаайыннар остуол тарда сылдьан тыллара «тосто-тосто» нууччалыы ону-маны ыйыталлар, сыыһа-халты саҥараллар, кинилэр нууччалыылларын хата бэйэм өйдөөбөтүм. Онтон сахалыы саҥаран барбыппар, дьиэлээхтэрим наһаа соһуйдулар: «Хата торулуур тоҥ нуучча диэбиппит, уу саха эбиккин дуу» дииллэр. Ол курдук сахалыы ирэ-хоро, дуоһуйа кэпсэтэн, наһаа үчүгэйдик маанылатан, чэйдээн турардаахпыт. Онно мин тылы билии күүһүн өссө өйдөөбүтүм.

This post was published on 17.02.2016 17:28 17:28