СИА суруйарынан, балаҕан ыйын 16 күнүттэн «Мисс Россия – 2024» национальнай куонкурус саҕаламмыт. Саха сириттэн быйыл «Мисс студенчество России-2022» уонна «І Вице Мисс Якутия» куонкурустар кыайыылаахтара Аина Пудова кыттыаҕа.
Аина Пудова Хаҥалас улууһугар төрөөбүт, билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуонката.
«Мисс Россия – 2024» национальнай куонкуруһу тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, быйыл Арассыыйа үгүс эрэгийиэннэриттэн саамай элбэх сайаапка – 85 тыһыынча кэриҥэ киирбит. Финалга 50 кыыс кыттыаҕа.
«Саха сирэ» сайт тылбаастаата
This post was published on 17.09.2024 12:09 12:09