Сорох биэнсийэлээхтэр уонна босуобуйаны ылааччылар ахсынньыга икки биэнсийэҕэ уонна босуобуйа ыларга суоттаныахтарын сөп, диэн Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Светлана Бессараб «Аргументы и факты»-га кэпсээтэ.
Кини этэринэн, ахсынньыга биэнсийэни ылар үгүс дьоҥҥо уонна атын төлөбүрдэри ылааччыларга (биир кэлим босуобуйа, оҕо күүтэр дьахталларга босуобуйа, балтараа сааһыгар диэри оҕо көрөн олорор ийэлэргэ төлөбүр, үс сааһыгар диэри оҕолоохторго ийэ хапытаалын төлөбүрэ, о.д.а), босуобуйалары киллэрэн туран, өссө эбии кэлэр сыл тохсунньутааҕы төлөбүрдэри эмиэ түһэриэхтэрэ. Бу төлөбүрдэри тохсунньу 1-тан 8-с күнүгэр диэри болдьоххо социальнай өйөбүлү туһанааччыларга эрдэ ыытыахтара. Ити курдук төлөбүрдэр бу сыл ахсынньы 28 күнүгэр киириэхтэрэ, Саха сирэ сайт суруйда.
Санаттахха, бу сыл бүтэһик үлэ күнүнэн ахсынньы 28 күнэ биллэриллибитэ.