Кэлэр ыйга — ахсынньыга өрөспүүбүлүкэҕэ салгын температурата нуорманы иһинэн буолуон Гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү Дьокуускайдааҕы управлениетын салайааччытын солбуйаччы Татьяна Маршалик эттэ.
«Барыллаан сабаҕалааһынынан ахсынньыга өрөспүүбүлүкэҕэ нуормаҕа чугас күн-дьыл туруо. Сорох улуустарга салгын температурата 1-1,5 кыраадыһынан намыһах буолуо. Киин улуустарга түүнүн -40 -45 кыраадыска тиийэ тымныйыа, хотугулуу-илин -50 -55″, — диир Татьяна Маршалик.
Гидрометеорология үлэһитэ сэтинньигэ сылаас халлаан турбутун бигэргэттэ. Ити Саха сиринэн өрүү ааһар циклоннар содуллара буоларын эттэ.
«Сэтинньи иккис аҥарыгар муҥутаан сылаас турда — салгын температурата ортотунан 19 кыраадыһынан үрдүк этэ. Билигин Саха сирин киинигэр түүнүн — 37, күнүс -27 буолуохтаах. Ол суох. Сорох түүн -27 кыраадыска тиийбэт. Күн-дьыл туруга алтынньыга курдук халбаҥныыр. Ый бүтүүтэ температура өр сыллардааҕы көрдөрүүлэрдээҕэр үрдүк буолуо», — диэтэ Маршалик.
This post was published on 23.11.2020 17:01 17:01