Федор Кузьмич Попов сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
1943 с. бастакынан Днепр өрүһү туораан, өстөөх траншеяларыгар бастакынан ыстанан тиийэн, 23 ниэмэс саллаатын уонна офицеры охторор. Уонунан ааҕыллар өстөөхтөр хос атаакаларын төттөрү охсор. Бэйэтин подразделениетын өрүһү туоруурун хааччыйар. Бу кэнниттэн уонча күн буолбут быыстала суох кыдыйсыыларга 70 ниэмэһи өлөрбүт.
ССРС Үрдүкү Сүбэтин Президиумун 1944 сыл тохсунньу 15 күнүнээҕи Ыйааҕынан байыаннай сорудахтары көрдөрүүлээхтик толоруутун уонна өстөөхтөрү кыта кыргыһыыларга хорсун, геройдуу быһыытын иһин кыһыл армеец Попов Федор Кузьмичка өлбүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Геройун аата иҥэриллибитэ.
Ахсынньы 8 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 342-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 343-c күнэ). Сыл бүтүө 23 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Узбекистан — Конституция күнэ
- Финляндия — Ян Сибелиус уонна фиинн музыкатын күнэ
- Япония — Бодхи күнэ (Будда өйүн сырдааһынын күнэ)
Түбэлтэлэр:
- 1941 — Перл-Харборга АХШ флотун урусхаллааһын сарсыныгар Дьоппуон сэриилэрэ Европа импиэрийэлэрин Азиятааҕы колонияларыгар биир бириэмэҕэ саба түспүттэр. Ол иһигэр Шанхайдааҕы дойдулар ардыларынааҕы олохсуйууга, Малайяҕа, Сингапурга, Гонкоҥҥа, Таилаҥҥа уонна Филиппиныга. Өссө биир нэдиэлэнэн Голландия Ост-Ииндийэтигэр (Индонезияҕа ) сэриинэн барбыттара. Түөрт сылынан Аан дойду иккис сэриитигэр Дьоппуон кыайтарбытын кэннэ колонизатордар ити дойдуларга төннө сатаабыттара да кыаллыбатаҕа.
- 1955 — Европа Сүбэтэ Европа былааҕын ылыммыт.
- 1991 — Беловежскай ойуурга ССРС суох буолуутун туһунан сөбүлэҥҥэ үс союзнай өрөспүүбүлүкэ баһылыктара илии баттаабыттар: Арассыыйаттан Борис Ельцин, Беларусьтан Станислав Шушкевич, Украинаттан Леонид Кравчук. Сэбиэскэй Сойуус оннугар Тутулуга суох иллэр сомоҕолоһуулара (СНГ) тэриллибит.
- 1999 — Москубаҕа Арассыыйа уонна Беларусь холбоһуктаах судаарыстыбаларын тэрийии туһунан дуогабар түһэрсиллибит.
- 2008 — Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ ааты ылбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1865 — Ян Сибелиус — биллиилээх фиинн композитора, дирижёр, педагог.
- 1921 — Фёдор Попов (13.10.1943 өлб.) — сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык киһитэ (1985).
- 1935 — Варвара (Ая) Яковлева — опера ырыаһыта, педагог, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
- 1962 — Римма Васильева — филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 1991 — Николай Габышев (10.04.1922 төр.) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматуур, тылбаасчыт. Анекдокка майгынныыр «Ытыс саҕа кэпсээннэрэ» 80-с сс. саха ыалын аайы баара.
This post was published on 08.12.2020 09:03 09:03