15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Ахсынньы 7 күнэ. Алтан Сарын 1928 сыллааҕы бырайыага - Бикипиэдьийэ

09:01, 07 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1671 — Нуучча судаарыстыбатын сэриилэрэ Степан Разин бастаанньалааччыларын киинин Астрахань куоратын ылбыттар.
  • 1917 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Америка Холбоһуктаах Штааттара Австро-Венгрия импиэрийэтигэр сэриини биллэрбиттэр.
  • 1928 — Саха суругун-бичигин кэмитиэтэ саҥа биирдэһиллибит түүр алпаабытыгар киирии туһунан мунньахтаабыт. Бу мунньахха Алтан Сарын оҥорбут бырайыагын көрбүттэр. 21 буукубаны ылыммыттар, 11 буукубаны уонна уһун аһаҕас дорҕооннору хайдах бэлиэтиир туһунан боппуруостары аһаҕас хаалларбыттар.
  • 1934 — Кировскай, Омскай уонна Оренбург уобаластарын кытта Илин Сибиир кыраайыттан араарыллан Красноярскай кыраай тэриллибит. Бу кэмҥэ Дьэһиэй уонна Таймыыр сахалара Саха сириттэн тэйитиллибиттэр.
  • 1941 — Дьоппуон Императорскай флота АХШ Гавайитааҕы Перл-Харбор байыаннай баазатыгар соһуччу саба түспүт. Түмүгэр АХШ Чуумпу далайдааҕы флотуттан 4 линкор тимирдиллибит, өссө 4 линкор алдьаммыт, элбэх атын хараабыл кэккэттэн тахсыбыт. Ол эрэн сүрүн күүс — авианосецтар — бу кэмҥэ атын сиргэ баар буолан биэрбиттэр. Бу күн АХШ Дьоппуоҥҥа сэрии биллэрэн Аан дойду иккис сэриитигэр кыттыспыт.
  • 1949 — Кытайга гражданскай сэриигэ кыайтаран эрэр буржуазнай Кытай Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата Нанкинтан Тайвань арыытын киин куоратыгар Тайпэйгэ көспүт.
  • 1965 — Католиктар сыаркаптарын баһылыга Папа Павел VI уонна Аан дойдутааҕы Константинополь православнай сыаркабын баһылыга Патриарх Афинагор I 1054 сыллааҕы сыаркаптар бэйэ-бэйэлэрин туоратыыларын тохтоппуттар. Бу түбэлтэ Ватикан православнай сыаркаптары кытта тупсууга дьулуһуутун көрдөрбүтэ, ол эрээри, сорох сыаркаптар баһылыктара маны сөбүлээбэтэхтэрэ, холобур Нуучча кыраныысса таһынааҕы православнай сыаркабын быһылыга митрополит Филарет православиены хайытыыга тиэрдиэн сөбүттэн дьиксинэн, аһаҕастык утарбыта.
  • 1988 — Арменияҕа 6,8-7,2 магнитудалаах сир хамсааһына буолбут. Сир хамсааһынын сүрүн түллүүтэ Спитак куоратыгар бэлиэтэммит. Түмүгэр 25 тыһыынча киһи өлбүт, 19 тыһыынча киһи инбэлиит буолбут, 514 тыһыынча киһи олорор дьиэтэ-уота суох хаалбыт, Армения промышленнай кыаҕын 40% суох буолбут.
  • 1994 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев бэйэтин Ыйааҕынан РФ уонна СӨ бырабыыталыстыбаларын ыккардыларынааҕы «О разграничении и передаче осуществления полномочий в области охраны окружающей среды и использования природных ресурсов» диэн сөбүлэҥин бигэргэппит.
  • 1995 — «Галилео» диэн космос аппарата аан дойду устуоруйатыгар бастакынан Юпитер орбитатыгар тахсыбыт. Мантан ыла 2003 сыллаахха диэри «Галилео» планетаны чинчийбитэ, ол иһигэр атмосфераҕа түһэриллэр зонд ыыппыта.
  • 1996 — Ил Түмэн Вячеслав Штырову иккис болдьоххо бэрэсидьиэнниирин өйөөбүт.
  • 2003 — Арассыыйаҕа Дуума 4-с ыҥыырыытын быыбара буолбут.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1976 — Пол Брэгг (1895 төр.), диетолог, натуропат, чөл олоҕу тарҕатааччы.
  • 1997 — Моисей Кершенгольц — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Дьокуускай 9-с оскуолатын өр сылларга салайбыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА